Иһинээҕитигэр көс

Покровскай гербэтэ

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Хаҥалас улууһун "Покровскай куорат" олохтоох тэриллии гербэтэ — бу олохтоох тэриллии биир дьоһун бэлиэтэ буолар.

Герб халлаан күөх өҥнөөх долгуннуу уһуктаах классическай французскай щит көрүҥнээх. Щит икки аҥы арахсыбыт. Үөһээ үрүҥ өҥнөөх хонуу ортотугар сэттэ лабаалаах хаар кыырпаҕа ойууламмыт, аллараа — үс долгун. Долгуннаах хонуутун ойуута гербэ үрдүгүттэн 1/4 ылар. Щит, хаар кыырпаҕа уонна долгуннар кыһыл көмүс тулалааһыннаахтар.[1]

  • Халлаан күөҕэ өҥнөөх долгуннаах уһуга улуу Өлүөнэ эбэни кэрэһилиир.
  • Өлүөнэ эбэ үрдүнэн сэттэ лабаалаах халлаан күөҕэ өҥнөөх хаар кыырпаҕа уруһуйдаммыт. Историяҕа олоҕуран, Покровскай куорат турар сирэ Эргис диэн үрүҥ ойуун дойдута эбит.
  • Хаар кыырпаҕын лабааларын ахсаана сэттэ буолбута — сэттэ саха омугар ытык ахсаан буоларын туоһута.
  • Сэттэ лабаалаах хаар кыырпаҕа Покровскай куорат историятын, кини Покров күн — маҥнайгы хаар түһүүтүнэ — төрүттэммитин көрдөрөр.[1]
  • Келин Анатолий Романович — Саха Сирин худуоһунньуктарын айар Түмсүүлэрин чилиэнэ.

Официальный информационный портал Республики Саха (Якутия)

Халыып:Хаҥалас улууһа