Иһинээҕитигэр көс

Питкэрн арыылара

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
(Мантан: Питкэрн көстө)

Питкэрн эбэтэр Питкэрн арыылара (ааҥл. Pitcairn (Islands), /ˈpɪtkɛərn/ PIT-kairn;[1] Pitkern: Pitkern Ailen) — Британия бас билэр байҕал уҥуордааҕы соҕотох сирэ. Уонна бу дойду аан дойдуга саамай аҕыйах киһилээх буолар — 48 эрэ киһи олорор (9 ыал).

Питкэрн арыылара

Питкэрн арыыларыгар Чуумпу далай соҕуруу өттүгэр баар вулкаантан үөскээбит 4 арыы киирэр: Питкэрн, Хендерсон, Дьюси уонна Оэно. Бэйэ бэйэлэриттэн хас да сүүс килэмиэтиргэ сыталлар, уопсай иэннэрэ 47 квадратнай километр кэриҥэ (18 квадратнай миля).