Неон

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Неон эһэр түтүккэ сырдааһына

Неон (Neon) диэн биир химия ууһуга. Химия бэлиэтэ Ne, атом нүөмэрэ 10. Периодтаах таабыл 18 бөлөҕөр киирэр мааны гаас. Өҥө сыта суох. Кудай бэһис дэлэй ууһуга. Неону 1898 сылга Англияҕа Уиллиам Рэмзи уонна Морис Трэверс химиктар булбуттара. Неоннаах гаас эһэр лаампа кыһыл-саарыл өҥүнэн сырдатар. Неон лаампата реклама бэлиэлэрин уоттарыгар туттуллар.