Мүһэ

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Мүһэ — эт ас.

Сахаҕа мүһэ биир күндүтүк сыаналанар эт ас. Мүһэҕэ тас уонна ис силиилээх уҥуохтары ылыллар. Тас сото уҥуоҕун сүһүөҕүн эттээх гына араарыллар. Онтон ис силии уҥуоҕун тула өртүгэр этин эмиэ тэҥҥэ быһыллар. Мүһэни тымныы ууга сууйан баран оргуйа турар туустаах ууга буһарыллар. Сөпкө буспут мүһэ быһах төбөтүнэн астахха сырдык сүмэһин тахсыахтаах. Мүһэ күндүтэ этигэр буолбакка силиитигэр сытар.

Сигэлэр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  • И. И. Тарбахов. Эн остуолуҥ сахалыы астара. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1986. — 96 с.