Массыыналааһын

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Массыыналааһын эбэтэр Механика инженерията (ааҥл. Mechanical engineering) диэн массыына уонна сэп оҥорор чочуйар индустрия салаата. Массыыналааһын билим быһыытынан инженерия биир суолталаах былыргы салаата буолар. Кини механика уонна материал билимин билиилэрин массыыналары оҥорорго, чочуйарга, оҥкуллуурга, дизайнныырга, үлэлэтэргэ туһанар.