Лиэйэ

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Лиэйэ (ивр. לֵאָה‏‎‎) диэн Дьаакып ойоҕо. Лабан улахан кыыһа. Рахил эдьиийэ. Дьаакыптан алта уолу төрөппүтэ - Рувим, Симеон, Леви, Иуда, Иссахар, Забулон. Уонна Дина диэн биир кыыһы төрөппүтэ. Дьаакыптыын Махпеле хаспахха көмүллэн сытар. Хатын ийэ быһыытынан ытыктанар.