Көҕөрөөн

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Көҕөрөөн (лат. Laccaria amethystina, нууч. Лаковица аметистовая) — үрдүкү тэллэйдэргэ киирэр сиэнэр таҥалайдаах тэллэй.

Сииктээх сэбирдэхтээх, инньэлээх ойуурдарга үүнэр.

Оҥоһуутун ойуулааһын[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Сэлээппэтэ: Кыра, чуораан курдук формалаах. Фиолет өҥнөөх, субата маатабай, кураанах. Ортотугар иһирдьэ киириилээх.
Таҥалайдаах араҥата: Тиистэрдээх, халыҥ, бэйэ бэйэтиттэн ыраах-ыраах.
Этэ: фиолет өҥнөөх. Фрукта сыттаах, минньигэстиҥи амтаннаах.
Атаҕа: Уһун синньигэс, 8 см дылы. Кытаанах.[1].

Туттуллуута[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Наһаа минньигэс тэллэй. Үксүн тута сиэнэр.

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. Грибы Якутии. Г.С. Угаров уонна соавт., Дьокуускай, Бичик, 2009 ISBN 987-5-7696-3120