Күүс кээмэйэ

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Күүс кээмэйэСахалар былыр киһи күүһүн буутунан кээмэйдииллэрэ. Буут уон алта киилэҕэ тэҥнэһэр. Биэс уон буут 800 кг. Аҥар күүстээх киһи оччо ыйааһыннааҕы ат сыарҕатыгар ууруохтаах. Бухатыыр (бүтүн) күүстээх киһи сүүс бууту – ол аата 1600 кг көтөҕөр буолуохтаах. Чиэппэр күүстээх киһи сүүрбэ биэс бууту – 400 кг көтөҕүөхтээх. Чиэппэр күүстэн саҕалаан кэриҥнээх күүстээх киһи дэнэн бараллар. Сахаҕа ыйааһын кээмэйэ суох, онон күүһү буутунан кээмэйдээһин нууччаттан киирбитэ чуолкай. Бэчээккэ сороҕор бүтүн күүстээх киһи – 1000 кг, аҥар күүстээх – 500 кг, чиээппэр күүстээх 250 кг көтөҕөр диэн букатын олоҕо суох, сыыһа суруйуулар тахсаллар. Киилэ диэн хойут, Сэбиэскэй былаас кэмигэр киллэриллибит кээмэй. Вацлав Серошевскай көтөҕөр күүһү буутунан кээмэйдээһин туһунан “Якуты” диэн кинигэтигэр суруйан турар.

Туһаныллыбыт сирдэр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

В.А. Кондаков “Урукку дьыллар уорҕаларыгар” Дьокуускай, “Бичик”, 1995 c.