Кэридэхчээн

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Чарли Чаплин Кэридэхчээн оруолугар

Кэридэхчээн (ааҥл. The Tramp, The Little Tramp, Charlot) диэн Чарли Чаплин сүрүн хатыланар оруола. Аан дойдутааҕы кинематограф биир биллиилээх персонажа. Кэридэхчээн мэник түөкүн соҕус да буоллар ис иһинэн сымнаҕас сүрэхтээх үчүгэй киһи. Алын түмэт төрүттээх дьадаҥы эрээри майгыта сигилитэ джентльмен курдук.

Чарли Чаплин Кэридэхчээн оруолун 70 тахса кылгас уонна толору киинэлэргэ оонньообута. Бастакы киинэтэ Оҕо автосырсыылара (Kid Auto Races at Venice, 1914 сыл), бүтэһик киинэтэ Аныгы кэмнэр (Modern Times, 1936 сыл).