Кыттааччы:Мария Егорова 97

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Эмиий искэнэ – эрдэ кинини «монахинялар ыарыыларынан» ааттыыллара. Тоҕо диэтэххэ, чуолаан бу ыарыыга таҥара дьиэтин үлэһиттэрэ дьахталлар ыалдьаллара. Аан дойду үрдүнэн эмиий искэниттэн сыл ахсын мөлүйүөнүнэн дьахтар олохтон туоруур. Онон, балаҕан ыйын 23 күнэ Эмиий искэнин утары охсуһар күнүнэн биллэриллибит.

Уопсайынан, искэн ыарыыттан үксүн дьахтар аймах өлөрө биллэр. Искэни кэмигэр буллахтарына, ыарыһах эмтэнэр кыахтаах. Бастакы түһүмэҕэр ыарыыны 100 быраһыан кыайыахха сөбүн сыыппаралар туоһулууллар. Оттон иккис уонна үһүс түһүмэхтэргэ эмтэнэр кыах биллэрдик аччыыр. Искэн кими да харыстаабат. Киһи сааһыттан иҥнибэт, үрдүк соло, билсиһии, харчы да абыраабат. 2010 сыллаахха Канада эмчиттэрэ үс эрэ саастаах кыыс оҕоҕо эмиий искэнин эпэрээссийэлээбиттэрэ. Искэн, сүрүннээн, уҥа эмиийгэ тахсара биллэр. Онон эмчиттэр саатар, сыл аҥаарыгар биирдэ дьахтар бырааһыгар сылдьарга уонна УЗИны ааһарга сүбэлииллэр

  • Доруобуйаҕа болҕомтолоох буолуохха наада

Эмиий искэнин төрүөтэ тугуй, ону хайдах билэбитий, эмтэнии хайдах барарый? Бу ыйытыыларга мэдиссиинэ билимин дуоктара, бэрэпиэссэр, СӨ үтүөлээх бырааһа Петр Михайлович Иванов хоруйдуур:

2015 сыллааҕы көрдөрүүнэн, 2005 сылтан, ол эбэтэр 10 сыл иһигэр, 100 тыһыынча нэһилиэнньэттэн Арассыыйаҕа эмиий искэнигэр ыалдьааччы ахсаана 65,1-тэн 84,8-ка диэри, 20,8 бырыһыан үрдээбит. Ахсаанынан таһаардахха, 66621 дьахтар ыалдьыбыт. Ол эбэтэр хас бэһис дьахтар бу ыарыыга хаарыйтарар. Саха сиригэр ити кэм иһигэр искэн араас ыарыытыгар 1328 дьахтар ыалдьыбыт буоллаҕына, чуолаан эмиий араагын 251 дьахтарга туруорбуттар. Ол 18,9 быраһыаны ылар. Бу ыарыыттан Арассыыйаҕа – 562, Саха сиригэр 68 дьахтар өлбүт. Бырыһыаныгар таһаардахха – 12,1. Эмиий араагар ыалдьааччы орто сааһа – 60-тан тахса. Ол эрээри эдэр саастаах дьахтар элбэх. Ити сыыппаралар киһини санаарҕаталлар уонна толкуйдаталлар.

Ырытан көрдөххө, бырамыысыланнас оройуоннарыгар искэҥҥэ ыалдьыы ахсаана элбэх. Үөһээ Халымаҕа, Уус Майааҕа, Аллайыахаҕа, Аллараа Халымаҕа, Алдаҥҥа ордук элбэх дьахтар ыалдьыбыт. Онтон Бүлүү бөлөх оройуоннарыгар билиҥҥитэ турук ама. Ол эрээри онтон уоскуйар сатаммат.

  • Искэн төрүөтэ туохха сытарый?

Айылҕа аналыттан туорааһын. Хас бирдии дьахтар айылҕаттан аналлаах. Ол, биллэн турар, кэргэн тахсыы, оҕолонуу. Дьахтар айылҕаттан аналын толоруута кинини үгүс ыарыыттан быыһыан сөп. Эмиий искэнигэр айылҕаны утары барыы: ол эбэтэр оҕону түһэртэрии, сааһыран баран бастакы оҕону төрөтүү, кэмин иннинэ «ыйдааҕы» кэлэн бүтүүтэ, төрүүр уорганнары эпэрээссийэлэтии тириэрдэн сөп. Элбэх оҕолоох дьахталлартан бу ыарыыга ыалдьааччы суоҕун тэҥэ.

·      Оҕону эмнэриини тохтотуу. Дьахтар эмиийигэр «ыйдааҕы» уонна оҕону эмнэрэр кэмҥэ араас уларыйыы буолар. Кэмин иннинэ оҕону эмнэрэн бүппүт эбэтэр ончу эмнэрбэтэх дьахталлар эмиий искэнигэр ыалдьыылара үгүс. Онон хас кыыс, дьахтар ийэ буолар аналын толорорго дьулуһуохтаах, төһө кыалларынан уһуннук оҕотун эмнэриэхтээх.

·      Удьуорунан бэриллии. Сахаҕа искэн дэҥ кэриэтэ төрүккүттэн-уускуттан бэриллэр. Тоҕо диэтэххэ, бэрт соторутааҥҥа эрэ диэри сахаҕа оҕону түһэртэрии диэн суоҕа, дьахталлар оҕолорун хойукка диэри эмнэрэллэрэ, айылҕа да чөл этэ. Соҕуруу дойдуларга оҕону түһэртэрии – урут-уруккуттан баар быраактыка. Онон булкааһа суох сахаларга эмиий искэнэ төрүттэн бэриллэрэ оруна суох.

·      Аһылык. Аһылык киһи доруобуйатыгар суолтатын туһунан этилиннэ ини, этиллибэтэ ини. Ыраас уонна сибиэһэй ас үгүс ыарыыттан быыһыыра биллэр. Күннээҕи аһылыкка сыата-арыыта, араас эбиилигэ суох ыраас аһылыгы тутуһуохха наада.

·      Хамсаныы. Хамсана-имсэнэ, сэргэхтик сылдьар киһи ыарыыга ылларыыта аҕыйах. Ити эмиий искэнигэр эмиэ сыһыаннаах.

·      Эмп содула. Хат буолбат туһуттан иһиллэр эмп содула улахан. Билиҥҥи дьахталлар оҕону былааннаан төрөтөр буоланнар, оҕо үөскүүр кыаҕын намтатар араас эми иһиилэрэ искэҥҥэ тириэрдиэн сөп. Итинник эмп ананыыта дьахтар доруобуйатыттан тутулуктаах. Доруобуйаны кичэллээхтик чинчийим түмүгэр ананыахтаах.

·      Тас эйгэ. Айылҕа туруга, олорор, үлэлиир эйгэ салгына киһи доруобуйатыгар улахан оруоллаах. Хиросимаҕа уонна Нагасакига буолбут алдьархай кэнниттэн Японияттан үгүс дьахтар эмиий искэнигэр ыалдьыбыта.

·      Олохсуйбут ыарыылар. Чинчийэн көрүүнэн, искэҥҥэ ыалдьарга ити иннинэ киһиэхэ олохсуйбут ыарыылар төрүөт буолаллар. Чуолаан соҕох ыарыыта (зоб), саһарар кутталлаахтар.

·      Санаа түһүүтэ. Санаарҕааһын үгүс куһаҕаҥҥа тириэрдэр. Олох укулаата киһи олоҕор улахан оруоллаах. Санааргыыр, ис күүһэ суох киһи иммунитета мөлтүүр. Биллэрин курдук, ыарахан олохтоох дьахталлар искэҥҥэ чэпчэкитик бэринэллэр.

Ыарыы хайдах биллэрий?

Киһи барыта ыарыы кинини тумнуоҕун курдук саныыр. Дьахтар кэмиттэн кэмигэр бэйэтин көрүнэ, чинчийэ сылдьыан наада. Эмиийи сыныйан, тутан-хабан көрүллүөхтээх. Эмиий кытааппыт, улааппыт буоллаҕына, маммологка бара охсуохха наада. Үгүс дьахтар дьүөгэ сүбэтинэн олорор. Сорохтор мастит ыарыыга күтүрээн, күнү-дьылы барыыллар. Сылга иккитэ, муҥ саатар, биирдэ маммологка көрдөрөр, УЗИга түһэр наадалаах. Кыраадыстаныы, аһыыр баҕа сүтүүтэ, эмиийтэн сүмэһин, ириҥэ тахсыыта – искэн сайдан ырааппытын бэлиэтэ.

Искэни эмтиэххэ сөп.

         Ыалдьыбыт киһи уһун эмтэниигэ өйдүүн-санаалыын бэлэмнэниэхтээх. Чугас дьонун өйөбүлэ улахан оруоллаах. Сэрэтэн эттэххэ, эмтэнии болдьоҕо да, көрүҥэ да ыарахан. Искэн бастакы түһүмэҕэр эпэрээссийэлэнии ыарыы тарҕаныытын тохтотуон сөп. Ыарыы баалаан ырааппыт, тарҕаммыт буоллаҕына, эпэрээссийэ тута оҥоһуллубат, химиотерапия ананар. Ол этисиини эпэрээссийэҕэ бэлэмниир. Эпэрээссийэ кэнниттэн онколог-бырааска учуокка турар наада. Ыарыы хаттаан күөдьүйүөн эмиэ сөп. Искэни кэмигэр биллэххэ, эмтэниэххэ, муус доруобай киһи да буолуохха сөп. Онуоха хара ааныттан бэйэҕэ болҕомтолоох буолуохха наада. Киһи олоҕо биир. Онтон олоҕу дьоһуннук олорорго доруобай сылдьарбыт улахан оруоллаах.

Искэни кыайбыт биллиилээх дьахталлар

·       Анджелина Джоли;

·       Кайли Миноуг;

·       Лайма Вайкуле;

·       Дарья Донцова;

·       Анастейша.