Кырыла

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Кырала - кураайы, хонуу куйаар үүнээйитинэн ордук баай кырдьаҕас үрдүк кырдал.

«Кырыы», «кырдал» диэн тиэрминнэри кытта «кыр» диэн былыргы биир төрүттээх буолуон сөп.

Тэҥнээ: кыр (был. түүр.) — хаптал хайа; кыр (түүр., фин-угор., монг.) — хонуу, хонуу куйаар, намыһах хаптал хайа (плато), сырыынньа үрдэл (увал), хайа, арҕас, үрдүк биэрэк, ханнык эмэ сир уһуга; кира (тоҥ.-маньч.) — уһук, ойоҕос эниэ, хайа арҕаһа, субурҕа хайа.


Ылыллыбыт сирэ[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

География Якутии: учеб. для 9-го Кл. сред. шк./ И.И. Жирков [и др.]. – Якутск: Бичик, 2004. -300, [1] с.: ил, карты; 20 см. ISBN 5-7696-1049-2