Куртуйах

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс
Куртуйах
Lyrurus tetrix tetrix

Куртуйах (лат. Lyrurus tetrix) - орто мас көтөрө. Атыыра арыый бөдөҥ, күөх толбонноох хара түүлээх, кутуругун анна маҥан, тыһыта - эбириэн бороҥ. Куртуйах атыыра кутуруга атын көтөрдөртөн ураты көрүҥнээх, тута араарыллар.

Тас көрүҥэ[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Тумса кылгас. Атыыра 49-58 см усталаах, 1,0 - 1,4 киилэ ыйааһыннаах буолар. Хааһа кыһыл. Тыһыта эриэн түүлээх улар тыһытыгар майгыныыр гынан баран кынатыгар үрүҥ түүлээх.

Ареал[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Ууһааһына[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Куртуйах атыыра хас да тыһылаах буолар. Саас иссэр кэмигэр элбэх куртуйах биир сиргэ мустан, охсор. Ол кэмҥэ буоһаабыт тыһы 7-9 сымыыттанар. Оҕото ийэтин батыһар, сайын от быыһыгар саһар, күһүн отоҥҥо тахсар[1].

  1. Булчут кинигэтэ. В.Н. Сивцев. Дь. Бичик, 2017, С.56