Куобах сиидэтэ
Тас көстүүтэ
![](http://upload.wikimedia.org/wikipedia/commons/thumb/b/be/Suillus_bovinus_Alberto_V%C3%A1zquez.jpg/250px-Suillus_bovinus_Alberto_V%C3%A1zquez.jpg)
Куобах сиидэтэ (лат. Suillus bovinus (Fr.) O. Kuntze, нууч. Козляк) — үрдүкү тэллэйдэргэ киирэр сиэнэр тэллэй.
Үксүн бэс ойуурдарга, суол кытыытыгар, бэстээх маардарга үүнэр.
Оҥоһуутун ойуулааһын
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Сэлээппэтэ: 12 см дылы, хаптаҕайдыҥы көппөҕөр, араҥастыҥы буурай эбэтэр кытархай.
Туруупкалаах араҥата: сэлээппэтиттэн арахсыбат.
Этэ: кытаанах, араҕастыҥы үрүҥ, өҥө алдьаттахха халлаан күөхтүҥү буолар, минньигэс амтаннаах.
Атаҕа: 10 см дылы, синньигэс, кытаанах.
Туттуллуута
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]От ыйын ортотуттан балаҕан ыйыгар дылы хомуллар. Намыһах хаачыстыбалаах тэллэй. Маринуйдууллар, сибиэһэйдии сииллэр, тууһууллар.