Ксенофонтов Василий Никифорович

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Василий Никифорович Ксенофонтов

Эдэркээн баҕайы кэргэннии дьон хаартыскалара... Мааны таҥастаах= ыраас сэбэрэлээхэдэр дьахтар бэйэтин сыанатын билиммиттии дуоспуруннаахтык кытаанах соҕустук туттан олорор. Номоҕон= эйэҕэс сирэйдээх-харахтаах= кыраһыабай киһи аҥар илиитин араҥаччылыырдыы нарын иэйиилээхтик кэргэнин санныгар уурбут. Бу Хаҥалас улууһун Тиит-Арыы кыанар эрэ ыалын уола Баһылай Ксенофонтов Нөмүгү нэһилиэгин сис баайдара Кирилловтар Кэтириинэ диэн кыыстарын кэргэн ылан саҥардыы ыал буолан олороллор. Хаартыска XIX уйэ 70-80-с сыллрынааҕы кирбии кэми кэрэһилиэн сөп. Бу эдэркээн дьон инники дьылҕалара хайдах түстэммитэ буолуой?

Итинтэн ыла отуча дуу= арыый ордук кэм ааспытын кэннэ иккис хаартысканы көрүөҕүҥ. Үөһэ көрбүт эдэр киһибит - бу сүүнэкэлээх ыал аҕа баһылыга. Арҕаа Хаҥалас