Кочнев Николай Иннокентьевич

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Кочнев Николай Иннокентьевич (1905-1970) — мелодист, учуутал. Саха АССР үтүөлээх учуутала.

Бүлүү уокуругар Аммосовка сэлиэнньэҕэ (билигин Ньурба улууһун сирэ) 1905 сыллаахха төрөөбүтэ. Өр кэмҥэ үөрэх салаатыгар үлэлээбитэ.

бастакы ырыалара "Тапталлаах куоратым Дьокуускай" уонна "Комбайнер кыыс ырыата". Салгыы оҕолорго аналлаах ыралары суруйбута. "Туймаада эҕэрдэтэ" диэн балалайкаҕа анаан сахалыы ырыалар хомуурунньуктарын 1963 с. таһаарбыта.

"Бочуот знаага" уордьан кавалера[1].

1970 сыллаахха өлбүтэ.

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. Андросов В.Т. уо.д.а. Саха ырыатын антологията / Васильев С.И.. — Дьокуускай: Бичик, 2015. — Т. 1. — С. 103-104. — 432 с. — 5000 экз.