Копетдаг

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс

Копетда́г (тюрк. «арҕас хайалар»; перс. کپه‌داغ‎, туркм. Köpetdag) — Иран уонна Туркмения быысаһыыларыгар сытар сис хайа. Устата 650 биэрэстэ кэриҥэ, үрдүгэ 3117 м тиийэр. Бу биир кэлим сис хайа буолбатах. хочолорунан араарыллыбыт кылгас-кылгас сис хайалар систиэмэлэрэ. Копетдаг хотугу эниэлэрэ туруорулар, соҕуруу эниэлэрэ сытыарылар. Сирин рельебин көрөн Копетдаг бэйэтэ үс часка араарыллар: Арҕааҥы, Киин уонна Илиҥҥи.Саамай үрдүк хайалар Киин Копетдагка бааллар – Чопан хайа (2889 м), Душакэрекдаг (2482 м), Маркау (1530 м). Арҕааҥы Копетдагка Хасардаг хайа (1637 м), Сюнт хайа (1567 м). Илиҥҥи Копетдаг саамай үрдүк точката – Далибулаг хайа (1123 м). Хайалартан отуттан тахса өрүстэр уонна үрэхтэр сүүрүгүрэллэр: Сумбар, Секиз-яб, Гёкдере, Арчабил о.д.а. Туркменистан Республикатын баар айылҕа кэрэ көстүүлээх пааматынньыктара бу манна бааллар. Холобур, сир анныгар баар сероводородтаах уулаах күөллээх Коват хаспаҕа. Бу хайа хаспаҕын уһуна 230 м, үрдүгэ 26 м тиийэр. Күөлүн 72 м, кэтитэ 30 м. Копетдагка сүүнэ күрүлгэннэр бааллар. Олортон саамай улаханнара Нохур күрүлгэнэ. Күрүлгэн 30 м үрдүктэн курулуу-күрүлүү тохтор. Сир хамсааһына бу эргин күүскэ бэлиэтэнэр. 1948 сыллаахха Ашхабад куоракка буолбут сир хамсааһыныгар куорат олохтооҕун үс гыммыт иккитин кэриҥэ киһи өлбүтэ биллэр.

Айылҕата[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Сис хайалар хаптаҕай, сыгынньах арҕастарыгар хаар да, муус да суох. Манна хайа сөҥүү боруодалара - кумах, таас, туой, испиэскэ таас баһыйаллар. Хайалар эниэлэрэ хайыттыбыт сирдэринэн итии уу паара, гаас тахсаллар. Сайына хайаларга сөрүүн, сөҥүү кураайы куйаардааҕар эрэ элбэх түһэр, ол иһин арҕастарга, чыпчаалларга хайа истиэптэрэ үөскээбиттэр. Ол эрээри хотуттан хаххалаах: уһун синньигэс итии хочолорго чэлгийэ көҕөрөр оазистар бааллар.