Ийэ үөрэҕэ

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

ИЙЭ ҮӨРЭҔЭ

Ийэ оҕону көрөр-истэр, аһатар диэн этии оҕо этин-сиинин эрэ көрдөбүллэрин билинэринэн улахан итэҕэстээх. Бу итэҕэһи сахалар былыр үйэҕэ быһааран, оҕо этэ-сиинэ улаатарыгар өссө өйө-санаата сайдыытын эбэн биэрэн, ийэ кута үөскээһинэ диэн кыра эрдэҕинэ үгэстэргэ үөрэниитин ааттаабыттар. Ону тэҥэ, үлэлииргэ үгэстэри, бу ийэ кутугар иҥэриннэҕинэ ыарахан диэн ааттанар да үлэни кыайар кыахтанарын быһаарбыттар.

Ийэ кут диэн киһи төрүт өйө-санаата оҕо кыра, өссө бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ ийэтэ оҥотторор үчүгэй быһыыларыттан хомуллан  үчүгэй үгэстэри үөскэппитэ иҥэн хааллаҕына үчүгэй иитиилээх буола улаатара кыаллар. Ол курдук, оҕо аан бастакы билбит билиилэрэ өйүгэр-санаатыгар саҥаны айыы буолан киирэн иҥэн үгэстэри сонно үөскэтэн иһэллэриттэн умнуллубат өйдөбүллэргэ кубулуйаннар ийэ кутугар мунньуллаллар. Ол иһин аан бастаан үчүгэй быһыылары оҥотторон үчүгэй быһыылаах буоларын ситиһэллэр. Улааппыт да киһи ийэ кута бары оҥорор быһыыларын салайа, көннөрөн биэрэ сылдьар. Ол иһин ийэ кут төрүт кут диэн ааттанар. Киһи тугу оҥороро барыта ийэ кутун салайыытынан, ыйан биэриитинэн оҥоруллар. Ол аата кыра эрдэҕинэ ийэтэ этэрин истэ, толоро үөрэммит оҕо улаатан да баран кини этэрин истэрэ, толороро суох буолан хаалбат.

Оҕо ийэ кута ийэтин таба көрөр буолуоҕуттан 5 сааһыгар диэри күүскэ сайдар, онтон салгыы умнубат буолуута үөскээн салгын кута сайдан барарыттан үөрэҕи баһылыыра кыаллар. Ийэ кут бэлэм үгэстэринэн иитиллэр, онтон салгын кут үөрэнэн, ол аата оҥорон көрөн боруобалаан билиини иҥэринэр. Ийэ кут иитиллэрэ диэн кыра эрдэҕинэ бэлэм билиилэри, үгэстэри маннык оҥор диэн бэйэтигэр оҥотторо үөрэтэн, иҥэрэн биэрии ааттанар. Үчүгэй быһыылары оҥот-торо үөрэтэн кэбистэххэ, оннук үчүгэй үгэстэр үөскээн иҥэллэриттэн үчүгэй, киһилии быһыылаах оҕо буола улаатар кыахтанар.

Оҕону үлэҕэ үөрэтиигэ кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр туһа киһитэ оҥорон үлэлииргэ үгэстэри иҥэрэн биэрдэххэ, улаатан истэҕинэ, ити үгэстэрэ баҕа санаа буолан көмөлөһөллөрүттэн үлэҕэ үөрэнэр, баһылыыр кыаҕа улаатар.

Оҕо ийэ кутун иитиитэ айылҕа “Туох барыта икки өрүттээх” диэн тутулугар сөп түбэһэн икки өрүттэнэр:

1. Үчүгэй, киһилии быһыыга иитиллибит оҕо.

2. Аһара атаахтык иитиллэн, бэйэмсэҕэ улаатан хаалбыт оҕо куһаҕан иитиилээх диэн ааттанар.

Ийэ оҕотун кыра, кыаммат эрдэҕиттэн көрөрө-истэрэ элбэҕиттэн атаахтатан кэбиһэрин бэйэтэ да билбэккэ хаалыан сөп. Ол иһин оҕону аһара атаахтатан кэбиспэт туһугар сахалар Кут-сүр үөрэхтэрин этиилэрин билэн туһана сылдьыы эрэйиллэр көрдөбүл буолар.

Оҕону үлэҕэ аҕа үөрэтиитэ ийэ үөрэҕиттэн хойутаан кэлэр. Ол курдук, кыра оҕо кыайар үлэлэрэ дьиэ иһигэр бааллар уонна олору ийэтэ дьаһайарыттан оҕону урутаан ийэ кутун иитэр кыахтанар. Бу үлэлэртэн саҕалаан туһа киһитэ буолбут оҕо улаатан иһэн үлэлии үөрэнэрэ түргэтиир. Дьону аһата оонньооһунтан саҕаланан баран ыал буолуу үгэстэригэр тиийэ ийэтэ үөрэтэр кыахтаах.

Өй-санаа, таҥара үөрэҕин туһата диэни киһи сааһырдаҕына, олоҕун үгүс өттүн олордоҕуна эрэ билэр. Ол иһин оҕону иитии, үөрэтии улахан киһи салайыытынан ыытыллара эрэ табыллар. Эдэр ийэ оҕону көрөргө-истэргэ ийэтин көмөтүнэн туһаннаҕына, этэн, көрдөрөн биэрэрин тутустаҕына эрэ табатык ыытар, атаахтатан кэбиспэт кыахтанар. Бу быһаарыы кыыс оҕо эдэр эрдэҕинэ эргэ баран оҕолоноро уонна олоххо уопутурбут төрөппүттэрэ көмөлөһөр кыах-тарын туһанара ордук табылларын биллэрэр.

Омук сайдыыта оҕону хайдах иитэртэн уонна үөрэтэртэн туту-луктанан кэлэр. Кыра эрдэҕиттэн көйгө буолан үлэҕэ үөрэммит оҕо улаатан баран кыайа-хото үлэлээтэҕинэ эрэ, омук тупсууну, сай-дыыны ситиһэрэ кыаллар. Ол иһин оҕону кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ үөрэтии улахан туһалаах суолталанар.

Үлэҕэ үөрэнии оҕоҕо олус эрэйдээх, элбэх бириэмэни ылар үөрэх буолар. Оҕо бэйэтин өйө киирдэҕинэ, салгын кута сайдан бардаҕына бэйэтигэр үчүгэйи, сынньалаҥы оҥосто сатыыра, этэ-сиинэ улаатан иһэрин курдук эмиэ улаатарыттан эрдэттэн харыстаннахха, туһа киһитэ оҥордоххо эрэ, үлэҕэ үөрэтии кыаллар дьыала буолар. Ол иһин үлэһит сахалар оҕо кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр туһа киһитэ оҥорон үлэлииргэ үгэстэри иҥэрэн биэриини тутуһаллар.

Оҕо икки атаҕар туран хаамар кэмиттэн саҕалаан үлэҕэ үөрэнэрэ эрэйиллэр. Аан маҥнай туһа киһитэ буолан таапачыка аҕаларыттан, оонньуурдарын хомуйарыттан үлэҕэ үөрэниитэ саҕаланар, оннук үгэстэри үөскэтинэр. Бу оҥорор быһыылара үгэс буолан иҥэн хааллахтарына үлэни бэйэтэ булан үлэлиир, атыттарга көмөлөһөр, ону-маны ыскайдаабат, киһилии быһыылаах киһи буола улаатар кыахтанарын тэҥэ, үлэлиириттэн тулуура эмиэ улаатар.

Дьиэ иһинээҕи үлэлэр ыарахана суох, чэпчэки диэн ааттанар үлэлэргэ киирсэллэр. Ол иһин оҕо олору хаамар буолаат оҥоро үөрэнэр кыахтанар. Аныгы үйэҕэ үөрэҕи “үчүгэй” диэн сымыйанан этэн арбааһынтан оҕону кыра эрдэҕинэ бэрээдэккэ, үлэлэтэ үөрэтии хаалан сылдьарыттан, бэлэмҥэ үөрэнэн хааларыттан үлэлиэхтэрин букатын баҕарбат эдэрдэр улаатан тахсаннар, таах хаамса сылдьар бичтэр элбээн хааллылар. Эдэр ийэлэр оҕо үлэҕэ үөрэнэр кэмигэр атаахтата, оонньото сылдьалларыттан, туһалаах үгэстэргэ үөрэппэккэ хаалаллар уонна бу кэми аһаран кэбиһэн бараннар, оҕобут үлэлиэн баҕарбат диэн кырдьык санааргыыллар.

Улааттаҕына “үөрэхтээх” киһи буолуо диэн сыыһа, тиэтэйэр санааттан уонна оҕо өйө-санаата, буор кута хамсаныылары элбэхтик оҥороруттан сайдан иһиитин билбэттэн оҕо ийэ кута, үгэстэрэ үөскүүр кэмин аһаран кэбиһии, аҥардастыы оонньото эрэ сатааһын сайдан сылдьара үлэҕэ үөрэтиини хаалларан сылдьар.

Манна кэлэн тыл үөрэхтээхтэрэ оҥорбут “айыыларын үөрэҕин” улахан сыыһатын арыйдахха табыллар. Кинилэр оҕо ийэ кута хантан эрэ халлаантан түһэр диэн таһы-быһа сымыйанан, була сатаан этэннэр ийэлэр оҕолорун өйдөрө-санаалара таба суолунан сайдыытыгар, ийэ кута иитиллэригэр, үчүгэй, туһалаах үгэстэрэ үөскээһинигэр кыһам- маттарын үөскэтэн саха дьонугар улахан куһаҕаны оҥороллор.

Ырыынак кэмигэр киһи үлэлиирэ эрэйиллэриттэн, бу быһыы, оҕону бэлэмҥэ үөрэтии салҕанан бара турара, аны табыллыбат буолла. Сахалар үлэни кыайа-хото үлэлээн сайдалларын туһугар элбэх сыыһалардаах “айыы үөрэҕин” тохтоттоххо эрэ табыллар буолла. Ийэ оҕону үлэҕэ үөрэтэрэ дьиэ үлэлэригэр көмөлөһүннэрэ үөрэтэриттэн саҕаланар, ол иһин ордук тиийимтиэ уонна бу үлэлэр хаһан да бүппэттэриттэн тутулуктанан оҕону үлэҕэ, сүрэхтээх буолууга ийэ үөрэтэр күүһэ улаханын биллэрэллэр. Ону-маны аҕалан биэрэн көмөлөһөн оҕо үлэлииргэ үгэстэри үөскэтинэрин тэҥэ, туһалаах хамсаныылары оҥоро үөрэнэрэ ордук табыллар.

Урукку кэмҥэ элбэх оҕолоох ыаллар ийэлэрэ үгүс араас таҥаһы тигэрэ. Ийэбэр көмөлөһө сатаан иистэнэр массыына тутааҕын кыайар буолуохпуттан ыла, таҥас тигиллэн бүтүөр диэри эрийэн биэрэн ийэбин сынньалаҥнык тигэрин оҥоро сатыыр этим. Ону тэҥэ, күн аайы буһарыллар лэппиэскэни вилканан дьөлүтэ кэйэн араастаан ойуулаан биэриини үлэ оҥостон куруук оҥорорум.

Ийэм үлэҕэ үөрэтэрин тэҥэ, ааҕарга, суруйарга, остуол араас оонньууларыгар, дуобакка, саахымакка үөрэппитэ олоҕум аргыстара буолан билигин да туһалыы сылдьаллар. Хаарты хараҕын оҕо ааҕа үөрэниитэ ахсааны суоттууругар үөрэтэр күүстээх.

Дьиэ үлэтэ хаһан да бүппэтинэн, хас аһылык буоллар эрэ саҥаттан хатыланан иһэллэриттэн оҕону үөрэтиигэ ордук туһалаахтар. Ыал аһылыкка ыытар ороскуоттара хамнастарын улахан өттүн ылар. Ол иһин оҕону экономияҕа үөрэтиигэ, бу үлэ ордук табыллар.

Аһыыр аһылыгы бэлэмнээһин диэн кыыс оҕо кыра эрдэҕиттэн ийэтин үтүктэн, батыһан үөрэнэн баһылыыр, үгэс оҥостунар аналлаах үлэтэ буолар. Ону-маны сиэнэри булан-талан, сылытан, буһаран ыал аһылыга бэлэмнэнэр. Дьиэтигэр ас бэлэмниир дьахтар ыалга төһө экономияны оҥорорун ким да чуолкай ааҕа илик эрээри, улахан барыстааҕын бары билэллэр. Ол курдук, аһылыгы бэлэмнээһин диэн элбэх үлэттэн, кыһаныыттан табыллан тахсарын бэйэлэрэ бэлэмниир дьон билэллэр уонна онно эбэн хас киһи тугу сөбүлээн аһыылларын билэн бэлэмнээһин, бу үлэ туспа уустугун быһаарар.  

Аһылыгы буһаран бэлэмниир дьахтар ыалга элбэх барыһы киллэрэр. Арааһынай чэпчэки сыаналаах бородуукталартан талан эбэтэр бэйэ үүннэрэр үүнээйилэриттэн иҥэмтэлээх аһылыгы бэлэм-нээтэххэ аһылыкка экономия өссө улаатар кыахтанар.

Аһааһын диэн эмиэ үлэ. Оҕо ньуосканы илиитигэр тутарыттан аһааһын үлэтин баһылааһына саҕаланар. Манна аан маҥнай ньуос-каны хайа илиитигэр туттаран кэбиһиллэр даҕаны, ол илиитэ элбэх-тик хамсыыра үөскээн урутаан туһалыырга эрчиллэн хаалар.

Уҥа илии, уҥа өрүт диэн эр дьон үлэлииргэ туттар өрүттэрэ. Үгүс үлэ тэриллэрэ уҥа өттүнэн туттунарга табыллаллар. Хаҥас өрүт диэн дьахталлар өрүттэрэ. Кэлин кэмҥэ дьахталлар баһыйаллара улаатан уонна оҕолору кыра эрдэхтэринэ үлэҕэ үөрэтии хаалан сылдьарыттан, туох эрэ уратыны оҥорор курдук сананаллара, солумсахтара улаап-пытыттан, хаҥастарынан туттар эдэрдэр элбээтилэр.

Куруускаттан ууну иһии диэн оҕо улаатан иһэн кыайар үлэтэ буолар. Ол курдук, ууну тохпокко эрэ иһити иҥнэри тутары тэҥэ, сыпсырыйан ууну иһии үлэ уустугун биллэрэр. Тоҕо-хоро түһэн баран оҕо, бу үлэни кыайарга, сатыырга үөрэнэр.

Аһыыр иһити, туттуллар тэриллэри остуолга уурталааһынтан ыаллар аһааһыҥҥа бэлэмнэниилэрэ саҕаланар. “Бордуону остуолга сатаан уурбаппын”, - диир оҕо үлэлиэн баҕарбатын биллэрэн кэбиһэр. Бу үлэҕэ оҕо көмөлөһө үөрэнэрэ таас иһиттэри сэрэхтээхтик тутар буолуутун улаатыннарар. Иһити сэрэнэн тутары баһылаатар эрэ оҕо оҥорор көмөтө улаханнык эбиллэр.

Дьиэҕэ быыл хаһан баҕарар баар буола турар. Оҕоҕо саамай табыллар үлэнэн быыл сотуута буолар. Аныгы да үйэҕэ дьиэ иһигэр быыл көтөрө аҕыйаабат. Быыл сотуута диэн хаһан да бүппэт үлэни оҕо оҥорорго үөрэннэҕинэ сүрэхтээх буолуута улаатар.

Муоста сотуута, сууйуута уустук үлэ эрээри, бу үлэни оҕо сатыырга үөрэннэҕинэ табыллар. Муостаны бэйэтэ сотор, ыраастыыр оҕо онон-манан киртитэн, ньамайдаан кэбиһэриттэн туттунарга үөрэнэрэ улааппытын кэннэ ордук улахан туһаны оҥорор.

Оонньууру хомуйуу, дьаарыстаан ууруу хас оонньооһун кэннит-тэн тиийэн кэлэн иһэрэ оҕоҕо эрэйи үөскэтэрэ аһара ыскайдыырын, быраҕаттаан кэбиһэрин тохтоторун тэҥэ, тулуурга үөрэтэр күүстэнэр.

Ийэ үөрэҕэр оҕо ыраастык туттунара, таҥаһын киртиппэтэ, бэйэтин көрүнэрэ, суунара-тараанара барыта киирсэр. Бу киэҥ үөрэҕи ийэ оҕотугар иҥэрэн биэрэрэ олоҕор улахан туһаны оҥорорунан хайаан да эрэйиллэр үөрэххэ киирсэр.

Оҕону саҥа саҥарар буолан эрдэҕинэ ийэтэ сахалыы саҥарда үөрэтэр кыаҕа улахан. Ийэтэ хайдах саҥарарын үтүктэн, батыһан оҕо сахалыы саҥарарга үөрэнэр күүстэнэр. Бэйэтэ сахалыы саҥарар ийэ оҕотун кытта сахалыы кэпсэттэҕинэ, саха тылын дорҕоонноро оҕо өйүгэр-санаатыгар дьайыыларыттан сахалыы саҥарар кыахтанар. Ол курдук, оҕо аан бастакы үөрэнэр ньымата үтүктүү буолар.

Омук тыла дьахталлартан быһаччы тутулуктаах диэн дакаастабыл оҕо өйүгэр-санаатыгар ийэтин үөрэҕэ ордук тиийэриттэн уонна тус-туспа дорҕооннор дьайыыларын уратыларын үөрэтииттэн үөскээбит.

Оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ атын омук тылын туһаныы өйүн-санаатын куһаҕан өттүгэр уларытар. “Маа” диэн ынах маҥырыыр, баарын биллэрэр дорҕооно. “Мама” диэн тыл оҕо өйүн-санаатын бэйэтин баарын биллэриигэ элбэхтик туһанарын үөскэтэр. Ол иһин бу тыл оҕо атаахтыырыгар туһанарыгар ордук табыллар.

Ийэ оҕотун кытта элбэхтик кэпсэтэрэ, үлэни оҥорууга соруйан, үөрэтэн иһэрэ эрэйиллэр. Төрөөбүт тылынан элбэхтик кэпсэтии онно ордук табыллар. Саха тыла иччилээх диэн этиллэр. Ол аата хас биирдии саха тылыгар өй-санаа иҥэн сылдьар. Оҕо ийэтин ийэ диэн ааттаан ыҥырар буоллаҕына, үрдүктүк сыаналыыра, ытыктыыра үөскээн олохсуйар. Оҕо өйө-санаата сайдарыгар ийэ диэн тыл суолтата, дорҕооннорун дьайыыта олус улаханнык туһалыыр.

Оҕону элбэхтик соруйдахха, үлэни хайдах оҥорору кэпсээтэххэ, быһаардахха, көрдөрөн биэрдэххэ, хос-хос оҥорорун хайҕаан биэрэн ситистэххэ эрэ үлэҕэ үөрэтии, үгэһи үөскэтии кыаллар. Сайдыылаах, киэҥ билиилээх ийэлэр төрөппүттэрин көмөлөрүнэн оҕолорун үлэҕэ үөрэтэр, туһалаах үгэстэргэ иитэр, үөрэтэр кыахтара улахан. Ол курдук, кыыс оҕо ийэтиттэн олох үгэстэригэр үтүктэн, батыһан үөрэнэрэ ордук табыллар. Бу табыллыы омук олоҕун үгэстэрэ дьахталларыттан улахан тутулуктаахтарын үөскэппит.

Ийэ оҕотугар туруорар көрдөбүлэ үрдүк, этэр тылын иһитиннэрэр буоллаҕына, оҕо ийэтин баҕа санаатын киһитигэр Ийэ таҥаратыгар кубулутуон сөп. Ийэ оччоҕуна табыллар, оҕото бары баҕа санааларын толоро сылдьарыттан үөрүүтэ улаатан дьоллоноро элбиир кыахтанар.

Ийэ кут диэн оҕо кыра эрдэҕиттэн үгэстэртэн үөскээн иһэр төрүт өйө-санаата буолар. Ийэ оҕотун төрүт өйүн-санаатын сайыннарар, үчүгэй үгэстэри иҥэрэн биэрэн ийэ кутун иитэн биэрэрэ оҕо салгыы олоҕор улахан туһаны оҥорор. Оҕону үлэҕэ үөрэтии диэн оҕону туһа киһитэ оҥорон үлэлииргэ үгэстэринэн иитииттэн саҕаланарынан эмиэ ийэ оҕотугар тириэрдэр тутаах үөрэҕэр киирсэр. (1,70).

Ийэ оҕо төрүт өйүн-санаатын үөскэтэн, ийэ кутун иитэр. Бу быһаарыы кэнниттэн тыл үөрэхтээхтэрэ оҕо ийэ кута хантан эрэ халлаантан түһэр диэн албыннарын арыйыы ордук табыллар. Бу ыар албынтан аныгы ийэлэр оҕолорун иитиигэ кыһамматтара үөскээн, атаахтатан кэбиһэллэрэ элбээтэ. “Айыы үөрэҕэ” диэн албын үөрэхтэн саха дьоно босхолоноллоро ирдэнэр көрдөбүл буолла.

Онон оҕо кыра эрдэҕинэ өйө-санаата, ийэ кута үгэстэринэн иитиллиитэ, сайдыыта, дьиэ иһинээҕи чэпчэки үлэҕэ үөрэниитэ, туһа киһитэ буолуута барыта ийэтиттэн тутулуктанар. (2,5).

Туһаныллыбыт литература.[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

1. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. Үс кут. – Дьокуускай: РГ “MEDIA+”, 2017. – 156 с.

2. Каженкин И.И.-Хааһах Уйбаан. Оҕону үлэлииргэ үөрэтии. – Дьокуускай: “Ситис”, 2024. – 100 с.

Категорияларынан көрдөөһүн: Үлэ.