Ийэ аймахтара

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Оҕо өйө-санаата, ийэ кута ийэтин таба көрөр кэмиттэн саҕаланан 5 эбэтэр 6 сааһыгар диэри күүскэ сайдар. Оҕо өйө-санаата сайдыытын, үгэстэрэ үөскээһинин бу уратытын сахалар быһааран төрүт өйө-санаата, ийэ кута иитиллэр уонна сайдар диэн этэллэр. Ону тэҥэ, бу кэмҥэ ийэтэ бэйэтин төрөөбүт тылынан саҥаран үтүгүннэрэн, оҕону сахалыы саҥарда үөрэтэр кыаҕа олус улаханын биллэрэр.

Оҕо ийэтин аймахтарын эр дьонноро бары таайдара диэн ааттаналлар. Ийэтин аймахтара оҕоҕо быдан чугас сыһыаннаах буолаллара ийэ кутун ийэтэ иитэринэн дакаастанар. Оҕо ийэ кута улааппытын да кэннэ оҥорор быһыыларыгар дьайыыта тиийэ сылдьарыттан ийэ кутун иитии улахан суолталанар. Кыра эрдэҕинэ атаахтык иитиллибит оҕо улаатан баран итирдэҕинэ атаахтыыра киирэн кэлэрэ ону биллэрэр.

Олус былыргы кэмнэргэ Кытай сирдэригэр сахалар дьоппуон омуктары кытта бииргэ олоро сылдьыбыттара сабаҕаланар. Сахалар дьоппуоннары таайдарбыт диэн ааттыыллара элбэх дьоппуон дьахталларын ойох ылбыттарын уонна саҥа омугу, таайдары үөскэппиттэрин биллэрэр.

Бу ааты иҥэрии дакаастанар кыахтаах. Сахаларга дьөппөн диэн ааттаах аҕа уустара бааллар. Олус былыргы кэмнэртэн тимир ууһа дьөппөннөр сорохторо Япония сирдэрин баһылаабыт, дьахталларын ойох ылбыт буолуохтарын сөп уонна саҥа үөскээбит омуктары таайдарбыт диэн ааттаабыттара табыллар. Ону тэҥэ, дьоппуоннарга “сегун” диэн сэрии улахан салайааччытын ааттыыллар. Бу тыл сөҕөр, сөҕүмэр диэн саха тылыгар суолтатынан да, саҥарылларынан да сөп түбэһэриттэн дьоппуон байыаннайдара уонна тимири уһанааччылара сахалартан төрүттээхтэрин чуолкайдык быһаарар.

Ийэтин аймахтара эр дьон бары оҕоҕо таайдар диэн буолаллар уонна саастарыттан көрөн улахан, кыра диэн араарыллаллар. Оҕоҕо ийэтин үөрэҕэ баһыйарыттан таайдарыгар ордук чугас сыһыаннаах буола улаатара кыаллар.

Ыал буолууга дьахтар аймахтара ходоҕойдор диэн ааттаналлар. Ааттаах-суоллаах аймахтар буоллахтарына, уруу кэмигэр илин былдьаһыы араас күрэхтэһиилэригэр кыттан бэйэлэрин күүстэрин, кыахтарын саҥа аймахтарыгар биллэрэллэр.

Биир хаан аймах дьон биир буор куттаах буолалларынан дьахтар бэйэтин аймахтарын кытта сыһыана чугас, өйдөһөрө элбэх буолар.

Оҕо кыра эрдэҕинэ төрүт өйүн-санаатын, ийэ кутун үгэстэринэн иитэн биэрэр ийэтин өйө-санаата оҕоҕо элбэх буоларын былыргылар бэлиэтээн ийэ кут диэн ааттаабыттар. Ол аата оҕо ийэтиттэн өйүн-санаатын ылынан ийэ кутун үгэстэрин үөскэтинэрэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэр тутулугар сөп түбэһэн икки өрүттэнэн тахсаллар:

1. Үчүгэй үгэстэргэ иитиллибит.

2. Куһаҕан үгэстэрдэнэн хаалбыт.

Оҕо ийэ кута үчүгэй үгэстэринэн иитилиннэҕинэ үчүгэй иитиилээх диэн ааттанар уонна үчүгэй быһыылары оҥороро элбиир кыахтанар.

Куһаҕаннык иитиллибит диэн кыра эрдэҕинэ куһаҕан быһыылары оҥорон куһаҕан үгэстэнэн хаалбыт оҕо ааттанар. Аныгы кэмҥэ оннук оҕолор элбээннэр “Маргиналлар”, “Макбеттар”, “Трудные подростки” диэн туоратан ааттыыллар.

Оҕо иитиитигэр дьахтар ылар оруола үрдүгүн “Кыра оҕо атаах буолар” диэн этии баара биллэрэр. Оҕону куруук кыра, улаатан испэт курдук санааһын, оннук ааты, өйү-санааны иҥэрии атаахтыырын улаатыннарар. Ону тэҥэ, ыал оҕолоруттан кыралара, бары аһара көрөн-истэн, бэлэмҥэ үөрэтэн кэбиһэллэриттэн атаах буола улаатан хаалара биллэр.

Оҕону кыра диэн ааттааһын өйүн-санаатын мөлтөтөр, кыаҕын кыччатар, кыайарын да кыайбат оҥорор. Элбэхтик аһыннара үөрэммит оҕо бэйэтэ ону-маны оҥорор кыаҕа кыччыыр. Ону тэҥэ, оҕо бэйэтин аһына сылдьара аһара бардаҕына ханнык да үлэни кыайан үлэлээбэтэ үөскүөн сөп.

Кыра диэн ааттаммыт оҕо аһыннара үөрэнэн хааллаҕына бары аһына сылдьыахтарын баҕарар санаата олохсуйан үгэс буолан хааллаҕына атаахтааһыҥҥа тиийэн хаалыан сөп.

Дьахтар үһүс оҕотун эрэ “Улахан оҕо буоллуҥ” диэн этэр кыахтанара оҕолорун иитэригэр уустуктары киллэрэр. “Биир оҕо атаах буолар” диэн өс хоһооно оҕону хайдах иитэртэн тутулуктанан өйө-санаата атаах буолан хааларын быһаарар. Бу өс хоһооно соҕотох оҕону бары көрөн-истэн, бүөбэйдээн, бэлэмҥэ үөрэтэн атаахтатан кэбиһэллэрин биллэрэрэ ордук суолталаах.

Ийэ оҕотун кыра эрдэҕиттэн куруук көрөрүттэн-истэриттэн бары баҕатын барытын толорон биэрэн иһэриттэн атаахтатан кэбиһэрэ элбээн хаалар. Ол иһин оҕо аҕата баар буолара эрэйиллэрин сахалар былыргы үйэлэртэн билэн ыал арахсарын, үрэллэрин эр киһи иккис кэргэнин ыларын үөскэтэн тохтото сатыыллар.

Оҕо аҕата суох буолуута өйө-санаата сайдыытыгар улахан охсууну, халыйыыны оҥороруттан уонна аҥардас хаалбыт дьахтар оҕотун араас баҕа санааларын толоро сатыыра улаатарыттан атаахтык иитиллэрэ үөскүөн сөп. Ол иһин соҕотох хаалбыт дьахтарга аймахтара, таайдара көмө оҥороллоро эрэйиллэр. Улахан таайдар оҕо аҕатын суохтаппакка иитиэхтэрин, үөрэтиэхтэрин сөп.

Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьытыгар таай диэн тыл маннык быһаарыллар. Киһиэхэ ийэтин аймаҕа эр киһи. Ийэтин аймаҕа эр киһи оҕо иитиитигэр, үөрэтиитигэр улахан оруолу ыларын таба сыаналаан таай диэн ааттаабыттар.

Сахалар Кут-сүр үөрэхтэрэ оҕо өйө-санаата, куттара үөскүүллэрин таба быһааран төрүт өйүн-санаатын ийэ кут диэн ааттыыр. Ол аата оҕо ийэ кута кыра эрдэҕинэ хайдах иитиллэр, үөрэтиллэр даҕаны, оннук өйдөөх-санаалаах буола улаатара быһаарыллар.

Дьахтар бэйэтин аймахтарын хаһан баҕарар үчүгэйдик сыаналыыр, чугастык, иһирэхтик сыһыаннаһар. Оҕо өйө-санаата, ийэ кута ийэтэ хайдах иитэриттэн, үөрэтэриттэн улахан тутулуктаах. Ол иһин оҕо ийэтин аймахтарын үрдүктүк, чугастык сыаналаан улаатар.

Ыал буолууга аймахтаһыы чугаһаан хаалыыта ийэтин аймахтарын эмиэ 9 көлүөнэҕэ диэри билэрин, тутуһа сылдьарын эрэйэр. Биир дэриэбинэ олохтоохторо бэйэ-бэйэлэрин кытта хаан аймахтыылара ийэлэринэн ордук чугас буолан хаалара биллэр.

Оҕо ийэтин аймахтара ордук чугас сыһыаннаах буолан тахсаллара ийэтин үөрэҕэ өйө-санаата сайдыытыгар бастаан иһэриттэн тутулуктанар. (1,78).

Туһаныллыбыт литература.[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

1. Каженкин И.И. Аҕа уустара. Аймахтар. – Дьокуускай: “Ситис”, 2024. – 108 с.

Категорияларынан көрдөөһүн: Аҕа уустара.