Заровняев Михаил Иннокентьевич

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Заровняев Михаил Иннокентьевич

Михаил Иннокентьевич ЗаровняевКэптиҥҥэ Маалтааны нэһилиэгин сэбиэтин бэрэстээтэлэ (1951-54, 1959-61, 1966-69 сс.).

1923 сыллаахха Маалтааны нэһилиэгэр Муҥур Баска саамай түгэх, кытыы учаастакка 9 оҕолоох Заровняевтар диэн дьадаҥы ыалга күн сирин көрбүтэ. Инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан иитиллэн, оҕолор бары улаатан, үлэһит буолан, нэһилиэк сис ыаллара, дьоһун мааны дьонноро буолтара, нэһилиэги, холкуоһу салайсыбыттара.

Оччотооҕу олох уустук, ыарахан кэмигэр оскуола суоҕунан, кыайан үөрэммэтэҕэ. 1936 сыллаахха Кэптин начаалынай оскуолатыгар түөрт кылаһы бүтэрбитэ. Онтон ыла холкуоска үлэтин саҕалаабыта. 1942 с. биригэдьииринэн улэлии сылдьан сэриигэ ыҥырыллыбыта. Сэрии бүппүтүн кэннэ өссө икки сыл армияҕа сулууспалаабыта. Дойдутугар 1947 с. эргиллэн кэлбитэ уонна үлэ саамай кытаанах өттүн толорбута. Кини үгүс үлэлэринэн ойуччу тутан, советскай - партийнай үлэлэргэ үлэлээбитин туһунан кэпсэниллиэ.

Дойдутугар эргиллээт да, бастаан нэһилиэк Сэбиэтин секретарынан, онтон ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн биирдии сыл үлэлээбитэ.

1951-54 сс. нэһилиэк Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн, иккиһин 1959-1961 сс., онтон үсүһүн 1966-1969 сс., Сэбиэтинэн барыта 10-тан тахса сыл үлэлээн улахан кылааты киллэрбитэ. Оччолорго нэһилиэк оройуоҥҥа биир саамай хаалыылааҕынан биллэрэ. Суол-иис суоҕа, оройуон кииниттэн сүүрбэ көс ыраах сытар. Онно кыһынын табанан, сайынын атынан айаннаан, үс хонон төрдүс күнүгэр Бэрдьигэстээҕи булаҕын. 1970-1979 сс. Горнайдааҕы эт-үүт комбинатыгар приемщигынан үлэлиир. Ол кэннэ пенсияҕа тахсан сөбүлүүр дьарыгынан дьарыгырбыта.

"Онон эдэр ыччаттарга туһаайан этэбин, үлэ миигин киһи оҥордо, үлэттэн дьоллоннум диэн этэбин. Ким үлэлиир инникитин да дьоллоохтук, чэгиэнник-чэбдиктик олоруоҕа." - Михаил Иннокеньевич Заровняев, сэрии уонна тыыл ветерана 1994 с.