Дьадаҥыттан сайдыыны ситиһии

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

“Киһини санаата салайар” диэн этиини сахалар таҥараларын үөрэҕэ тутуһар. Сахалар өй-санаа үөрэхтэрэ уонна саҥарар тыллара киһи өйө-санаата сайдыытын кытта тэҥҥэ үөскээбитин, элбэх үгэстэр иҥэн сылдьаллара биллэрэр. Дьадаҥы диэн тылы ырытыы ону дакаастыыр. Бу тыл дьа уонна даҥ диэн тыллартан холбонон үөскэтиллибит. Дьа диэн өйү-санааны биллэрэр тыл, онтон даҥ диэн дьиэ үрдүн даҥын курдук таах сытыыны быһаарар уонна дьадаҥы киһи сүрэҕэ суох өйдөөҕүн-санаалааҕын билиигэ таһаарар.

Киһи салгын кутун үлэтэ ай диэн тылынан этиллэрэ саҥаны айыыны, урут суоҕу, уратыны булан оҥорон иһэр аналлааҕын биллэрэр. Арай бу саҥаны айыыларбыт олоххо киллэрэр уратылара сайдыыны, тупсууну, үчүгэйи аҕалаллара эбэтэр төттөрү тардыыны, куһаҕаны оҥорууга тириэрдэн кэбиһэллэрэ икки өрүтү үөскэтэн таһааралларыттан олох уустугун, эрэйин үөскэтэллэр.

Айыы диэн тыл киһи оҥорор ураты, атыттар өссө билбэт, оҥорбот быһыыларын, саҥаны айыыны оҥорууну биллэрэр. Бу былыргылар оҥорбут тыллара куһаҕан өрүтэ элбээн хааларын “ыы” диэн ытааһын сыһыарыылааҕа этэн, көрдөрөн биэрэр. Бу айыы диэн тыл киһи оҥорор быһыылара икки аҥы арахсан; үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсалларын быһааран биэрэринэн икки өрүттээх өйдөбүллээх.

Киһи этин-сиинин элбэхтик хамсатан эрчийэрэ туһалыырыттан быччыҥнарыгар үөскүүр буор кута хамсаныылары оҥорор кыаҕа улаатарыгар тириэрдэн этэ-сиинэ араас табыллыбыт хамсаныылары имигэстик оҥороро дьарыктанан истэҕинэ эбиллэн иһэр.

Киһи сайдыыны ситиһэрэ диэн этин-сиинин хамсатар буор кута сайдарын тэҥэ, араас туһалаах үөрүйэхтэрэ элбиирин уонна майгына тупсарын ситиһэрэ буолар. Үлэһит, дьоҕур, сатабыл уонна талаан диэн буор кут төһө сайдан иһэрин биллэрэр тыллар былыргы кэмнэргэ үлэни оҥоруу сайдан, тупсан иһиитин быһаарыыттан үөскээбиттэр. Сайдыылаах буор кут үлэни кыайар, үлэһит дьоҥҥо баара “Уус оҕото – уус буолар” диэн этииттэн биллэн чуолкайданар.

Өй-санаа куруук хамсыыр, биир таһымҥа хам баайыллан турбат, сайдыыны ситиһэриттэн уларыйан, тупсан, буор кутун сайдыыта үрдүкү таһымҥа тахсан иһэр. Омук сайдыыта диэн омук дьонун эттэрэ-сииннэрэ бөҕөргөөн уонна буор куттара, араас хамсаныылары оҥорор туһалаах үөрүйэхтэрэ сайдан, элбээн иһиитэ ааттанар.

Үлэлии үөрэммит дьадаҥы да киһи оҕото буор кутун утумнаахтык дьарыктаан, сайыннаран дьадаҥыттан үлэһиккэ тиийэ сайдыыны ситиһиэн сөп. Өссө кыһанан дьарыктаннаҕына дьоҕурдаах буолууну бэйэтин үйэтигэр ситиһэр кыахтанар.

Буор кут кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэриттэн киһи сайдыыны, тупсууну ситиспитэ оҕолорун сайыннаран, салҕанан иһэр. Дьоҕурдаах үлэһиттэн сатабыллаах үлэһиккэ, онтон салгыы хас да көлүөнэнэн талааннаах үлэһиккэ тиийэ буор куту сайыннарыахха сөп.

Киһи өйө-санаата сайдыыта дьадаҥыттан, үлэһиттэн саҕалаан сайдан, байыыны ситиһэн иһии диэки хайысхаланан, өрө тахсан иһэр. Төһө эрэ кэминэн өй-санаа сайдан, байыыны ситиһэн баран оҕолорун атаахтык иитэллэриттэн аны мөлтүүр кэмэ, бу аймахтар уларыйар, атынынан солбуллар кэмнэрэ тиийэн кэлэрэ айылҕа уларыйан иһэр “Туох барыта икки өрүттээх” диэн тутулугар сөп түбэһэр.

Биллэр бэлиэлэринэн туһанан киһи өйүн-санаатын уратыларын быһаарыахха сөп. Сэбиэскэй былаас кэмигэр дьадаҥылары “үчүгэй” диэн арбааннар уонна дьахталлар көҥүллэринэн эргэ барыыларын олохтооннор Россия дьоно барылара дьадаҥылар куһаҕан, үлэни сөбүлээбэт буор куттарынан буккуллан хаалбыттарыттан, билигин да үлэ сайдыыта ситиһиллэрэ өссө да ыраах.

Дьадаҥы диэн буор кута сайдыбатах, хамсаныылары оҥорорун сүрэҕэлдьиир, күүскэ үлэлиэн баҕарбат киһи ааттанар. Ыраахтааҕы саҕанааҕы кэмҥэ дьадаҥылар баайдара-маллара аҕыйаҕыттан уонна мөлтөх үлэлэринэн биллэн атыттартан араарыллар этилэр. Дьадаҥы төрүттээх дьон оҕолоро, сиэннэрэ аныгы олоххо олохторо тупсубу-тунан туһанан уойан эрэйдэнэллэрэ элбээтэ. Былыргы кулуттар көлүөнэлэрэ билигин Америкаҕа олохторо көнөн аһара уойбуттарын бэлиэтииллэр. Ол барыта кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэр буор кут өйдөбүллэригэр урукку кэмҥэ аччыктааһын, ас тиийбэтэ иҥэн хаалбытыттан, элбэх астан аһыы түһүөххэ диэн санаа дьайарыттан аһара уойууга тиийэллэрэ элбиир. Сэбиэскэй былаас кэмигэр дьадаҥылар чэпчэки үлэни, үөрэҕи баһылааһыны өрө туппуттара. Үгүс үлэһиттэр тыа сиригэр күүскэ үлэлиир, Союһу сайыннарар кэмнэригэр куораты булан үөрэнэ сатаабыттара. Үөрэҕи син ситис-питтэрэ эрээри, дьоҥҥо туһаны оҥорор, барыһы киллэрэр үөрэхтэр буолбакка, дьон оҥорбуттарынан туһанар эрэ, кыра үөрэхтэр этилэр.

Үөрэхтээх буолуу дьадаҥы өйү-санааны, эти-сиини хамсаппат буолууну өссө улаатыннаран кэбиһэр. Ол курдук, үөрэхтээх киһи чэпчэки үлэни көрдүү сатааһына сүрэҕэ суоҕуттан, этин-сиинин элбэхтик хамсатыан баҕарбатыттан улаатан биэрэр.

Киһи өйө-санаата, буор кута дьадаҥы буоларын маннык бэлиэ-лэри туһанан чуолкайдык билиэххэ сөп:

1. Баар харчыны кыайан туһаммат, ыскайдаан, суолтата суохха туһана сатаан суох оҥорон иһэр, харчыны ордорон, мунньунар диэни букатын кыайбат, туһалаах курдук сананыллан иһэр быстах дьыалаҕа ороскуоттаан иһэр киһи дьадаҥы буолар.

2. Бэйэтэ оҥорор, тутар кыаҕа суох, хантан эрэ көмө аптаабыт курдук кэлэрин кэтэһэ сылдьар киһи лотереянан, хаартынан, атын сүүйүүлээх оонньууларынан үлүһүйүөн сөп. Туох эмэ босхо эбэтэр наследство кэлэрин кэтэһэр санаата элбиир.

3. Үлэлиэҕин, хамсаныаҕын баҕарбат, сүрэҕэлдьээн быстан иһэр уратылаах киһи үлэни хамнаһа кыра диэн мыынар аатыран үлэлиирэ аҕыйах уонна үчүгэй үлэ суох диэн баар үлэни барытын сирэрэ хаалан хаалбат. “Сүрэҕэ суох сүүс сүбэлээх” диэн өс хоһооно дьадаҥы, үлэлиэн баҕарбат киһини арааран буларга туһалыыр аналлаах.

4. Дьадаҥы киһи хамсаныылары оҥороро холуһуттан туох оҥорбута барыта табыллыбат, кыайбат үлэтин атын үлэҕэ уларытарын ыарыргыыр, куруук баттана, атаҕастана сылдьар курдук саҥарыыта элбээһинэ үлэни табан үлэлээбэтигэр тириэрдэрин тэҥэ, оҕотун үлэҕэ сүрэҕэ суох оҥорор. Төрөппүттэрэ ситиһиилэрэ суоҕун туһунан кэп-сиирэ, кэргэнин баата суох диэн хомуруйара элбээн хаалыан сөп.

5. Биир санаалаах бэйэтин курдук доҕотторун кытта иллэҥ бириэмэтин пиибэ иһиитинэн атаарар, интернети көрөрүгэр элбэх бириэмэни ыытар, үгүстүк олорон эрэ компьютерынан оонньуурун сөбүлүүрүттэн туһалаах үлэни оҥороро аҕыйаан хаалар.

6. Түргэнник кэргэн ыла охсоро дьиэтээҕи олоҕун чэпчэтэ сатааһына буолар. Баайдаах кыыһы кэргэн ыла сатыыр. Элбэх уу-хаар, албын кэпсээннээҕинэн дьахталлары умсугутар кыаҕа улаатан биэрэрин таба туһанар. Сахалар “Дьадаҥы киһи остуоруйаһыт” диэн өс хоһоонун оҥорон дьадаҥы киһи өйүн-санаатын дириҥник үөрэтэн, кыайан толорбот ыра санаата элбэҕин былыр үйэҕэ быһаарбыттар.

7. Уһуннук оҥоруллар, эти-сиини күүскэ хамсаттахха табыллар үлэни тулуурдара аҕыйаҕыттан кыайбаттарыттан уонна онно-манна саҥаҕа, солуҥҥа солумсаҕыран иһэллэрэ элбэҕиттэн, уустук үлэни саҕалааһыны эрэ кыайа-хото оҥороллор.

Сэбиэскэй кэмнээҕи суруйааччылар бары кэриэтэ дьадаҥы этилэр уонна дьадаҥылары аһара арбаан салайааччылартан хайҕаналлара. Билигин баар суруйааччылар, тыл үөрэхтээхтэрэ уонна учуонайдар бары дьадаҥы төрүттээхтэр, ол иһин үлэни сирэллэр, үөрэҕи эрэ “үчүгэй” диэн арбыыллара аҕыйаабат. Кумааҕыны кытта үлэлээч-чилэр уһун үйэлэрин тухары кумааҕыны эрэ бэрийэллэриттэн, тугу суруйбуттарын барытын “үчүгэйи” эрэ оҥорор курдук сыыһа санана сылдьалларыттан, атын дьон оҥорор быһыыларын кыайан таба араарбат буолан хааланнар, “айыы үөрэҕэ” диэн албын сектаны айаннар, сахаларга өй-санаа алдьатыы, куһаҕаны оҥоруу элбээһинин диэки халыйыытын үөскэтэн сылдьаллар.

Айыы диэн киһи оҥорор ураты, саҥа быһыыларын биллэрэр икки өрүттээх өйдөбүллээх тылы уларытан, “үчүгэй” эрэ өйдөбүллээн туһаныыны киллэрээри тыл үөрэхтээхтэрэ “айыы үөрэҕэ” диэн албын, сымыйа үөрэҕи айан саха дьонун барыларын албынныыллар. Ону баара айыы диэн тыл икки өрүттээх өйдөбүлэ тыл үөрэхтээхтэрэ эппиттэрин хоту “үчүгэй” буолара букатын кыаллыбат. Ол курдук, киһи үчүгэйи оҥоробун диэн тиэтэйэр, ыксыыр санаатыттан куһаҕаны оҥорон кэбиһэрэ хаһан да уларыйбакка баар буола турар.

Дьадаҥы киһи бииртэн бииргэ солумсаҕыра сылдьара элбэх. Тыл үөрэхтээхтэрэ солун диэн солумсах буолууну үөскэтэр тылы “сонун” диэн сахаларга суох тылынан солбуйаннар сахалары барыларын бэйэлэрин курдук солумсах оҥоро сатыыллар.

Билигин саха дьонугар тыл үөрэхтээхтэрин албыннарыттан босхолонуу сыала-соруга тирээн кэллэ. Бу тыл үөрэхтээхтэрин албын-нара “айыы үчүгэй” диэн этэрэ оҕо иитиитин буккуйан, оҕолору көҥүллэринэн ыытыыга тириэрдэн атаахтатыыны үөскэтэр. Бу сыыһа көммөтөҕүнэ, атаах оҕо үлэни кыайбатыттан уонна сыыһа-халты туттунара элбэҕиттэн саха омук эстиигэ, атыттарга баһыттарыыга тиийэн хаалыан сөбүттэн сэрэнэр, харыстанар кэм кэллэ.

Бу кэмҥэ ырыынак кэмэ кэлэн үлэһиттэр кыайа-хото үлэлээн баайы-малы мунньунар кыахтаннылар. Бу мунньуллубут баай-мал кэлэр көлүөнэлэргэ тиксэринэн дьон оҕолорун өйдөрө-санаалара сайдарыгар, тулуурдара, өһөс санаалара элбииригэр кыһаналлара биллэрдик улаатта. Кинилэр сахалыы таҥара, Кут-сүр үөрэхтэрин тутуһан оҕолорун атаахтаппакка, кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ үөрэтэн тулуурдарын улаатыннардахтарына эрэ, аймахтара уонна саха омук сайдыыта саҕаланар. Оҕону үлэҕэ үөрэтэн улаатыннарыыны хас биирдии үлэһит төрөппүт ситиһэр кыахтаах буоллаҕына, куорат дьоно оҕоҕо кыра эрдэхтэринэ, ийэ куттара иитиллэр кэмигэр үлэ-лииргэ үөрэтэр үгэстэри туһа киһитэ оҥорон иҥэриилэрэ туһалыыр.

Дьон олохторун сыалын ситиһиилэрэ дьадаҥыттан, үлэһиттэн байыыны ситиһии диэки хайысхаланан баран иһэр. Баайдар хас да көлүөнэнэн өйдөрө-санаалара мөлтөөн олохтон туораан биэрэн иһэл-лэрин, үлэһиттэр өрө тахсыыны ситиһэннэр итэҕэс үөскээбитин толорон биэрэллэр. Дьадаҥы, үлэһит дьон оҕолоро кыра эрдэҕиттэн байыыны ситиһэргэ улахан баҕа санааны үөскэтинэринэн улаатан баран кыайа-хото үлэлээн ол баҕатын бэйэтэ ситиһэр кыахтанар.

Онон дьадаҥы диэн өй-санаа, буор кут саҥа сайдан эрэр таһымыттан оҕо үлэни үлэлээһини баһылаан сайдыыны, тупсууну ситиһэригэр тириэрдии төрөппүт олоҕун сыала буолар. (1,94).

Туһаныллыбыт литература.[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

1. Каженкин И.И.-Хааһах Уйбаан. Оҕону үлэлииргэ үөрэтии. – Дьокуускай: “Ситис”, 2024. – 100 с.

Категорияларынан көрдөөһүн: Үлэ.