Дугда, оонньуу

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Дугдаостуол оонньуута.

Оонньуур дьон хас биирдиитэ 10-нуу мэһээл мастаах. Дугда күөрчэххэ маарын-ныыр. Атына диэн төгүрүк тымтык оннугар куб. Куб түөрт ойоҕоһо анал ааттаах, ойуу-лаах. Биир эркин ортотугар 1 үүттээх (ойбон дэнэр), иккис — икки муннугар биирдии үүттээх (икки оҥой), үһүс — муннугуттан муннугар диэри кириэстии сурааһыннаах (халлаан), төрдүс — үөһэттэн аллара уонна туора ыытыллыбыт сурааһыннардаах (баай).

Дугданы бастаан эргитээччи мэһээл маһыттан күөн диэн уурар. Кини хас маһы уурар да, атыттар эмиэ оччолуу маһы уураллар Күөнү кыра иһиккэ мунньаллар.

Күөрчэҕи ытыйар курдук ытыйаллар уонна ыһыктан кэбиһэллэр. Дугда, эргийэн баран, хайа эрэ ойоҕоһо үөһэ буолар гыш охтор. «Ойбон» түстэҕинэ, ытыйбыт киһи биир маһы, «икки оҥой» түстэҕинэ — ик кини, «баайга» — барытын ылар. «Халлаан» түстэҕинэ ылбат.

Оонньооччулар уочаратынан эргитэллэр Ким эмэ «баайы» түһэрэн, күөнү барытын хомуйдакьша, кини кэнниттэн оонньооччу күөн уурар. Маһын эрдэ бүтэрбит киһи элбэх мастаах оонньооччуттан иэс ылар. Оонньуу бүттэҕинэ ким төһө маһы ылбытын аахсаллар.