Дрейтон Билл

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Билл Дрейтон (1943 сыллаахха АХШ Нью-Йорк куоратыгар төрөөбµт) – түмэт урбаанныта уонна менеджер, “Ашока: уопсастыбаҕа инновацияны” диэн аан дойду үрдүнэн түмэт урбаанынан дьарыктанар кэмиэрчэскэйэ суох пуонда төрүттээччитэ уонна бэрэссэдээтэлэ. Итини таһынан Дрейтор “Күөхтэр уопсастыбалара” (аанг. Community Greens) уонна “Ашока: Ыччат уопсастыбатыгар инновацияны” (аанг. Ashoka: Innovators for the Public Youth Venture) тэрилтэлэр бэрэссэдээтэллэрэ.

2005 сыллаахха Дрейтоны U.S. News & World Report сурунаал “Эмиэрикэ 25 бастыҥ лиидэрэ” диэн испииһэккэ киллэрэн турар. Кини үгүс элбэх наҕыраада, бочуоттаах аат хаһаайына.

Билл Дрейтон аан дойдуга түмэт урбаана диэн тиэрмини аан бастакынан киллэрбит уонна ол аат тарҕаныытыгар улахан кылааты киллэрбит киһи быһыытынан сыаналанар.

Дрейтон түмэт урбаан туһунан маннык диир: “Түмэт урбаанньыттар дьоҥҥо аҥаардас балыгы биэрэн уонна хайдах балыктыырга үөрэтэн баран уоскуйан, сүтэн-симэлийэн хаалбаттар. Кинилэр балык бырамыысыланнаһыгар улахан өрөбөлүүссµйэни оҥорон эрэ баран биирдэ уоскуйуохтара”.

Биография Уильям Дрейтон 1943 сыллаахха Нью-Йорк куоракка төрөөбүт. Кини ийэтэ Австралияттан кэлбит эмигрант дьахтар, оттон аҕата – АХШ төрүт олохтооҕо этэ.

Дрейтон Андовердааҕы Филлипс акадьыамыйатыгар үөрэммитэ. Ол кэннэ Гарвардка үөрэххэ киирэн, 1965 сыллаахха, бакалавр истиэпэнин ылбыта. 1967 сыллаахха кини Оксфорд Баллиол-колледжыгар магистр истиэпэнин ылбыта. Ол кэннэ 1970 сыллаахха Йель быраапка оскуолатыгар билим дуоктарын аатын ситиһиилээхтик көмүскээбитэ.

Ити курдук үөрэҕин бүтэрэн баран Билл Дрейтон McKinsey & Company диэн норуоттар икки ардыларынааҕы консалтинг тэрилтэтигэр киирэн уонча сыл үлэлээбитэ.

Картер бэрэсидьиэнни олордоҕуна (1977-1981 сс.) Дрейтон АХШ тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа ааҕыныстыбатыгар дьаһабыл көмөлөһөөччүтүнэн үлэлээбитэ. Онно сылдьан кини тулалыыр эйгэҕэ быраҕыллар “куһаҕан эттиктэри кээмэйдээн атыылыырга” диэн этиини көҕүлээн киллэртэбитэ.

Итини таһынан Билл Дрейтон ыҥырыынан тиийэн Гарвард уонна Стэнфорд үнүбэрсиэттэригэр үлэлээбитэ.

Онтон бэс ыйын 3 кµнµгэр 1980 сыллаахха Дрейтон “Ашока: Уопсастыбаҕа инновацияны” (аанг. Ashoka: Innovators for the Public) диэн кэмиэрчэскэйэ суох пуонданы тэрийбитэ уонна биир бастакынан түмэт урбаанньыттарыгар үбүнэн-аһынан көмөлөһөн киирэн барбыта.