Джерси (арыы)

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс
Джерси арыы Гернси арыыттан соҕуруулуу-илин сытар

Дже́рси (ааҥл. Jersey [ˈdʒɜːrzi], фр. Jersey [ʒɛʁˈzɛ], Халыып:Lang-nrm) — Ла-Манш силбэһиигэ баар арыы, Нормандия арыыларыгар киирэр. Нормандия арыыларын саамай улаханнара, иэнэ — 116 км².

Олохтоохторо — 105 500[1] киһи (2017 сыллааҕы сыанабылынан). Джерси бейливик[2] — Британия монархиятын хоруонатын сирдэрин ахсааныгар киирэр эрээри, Улуу Британия сорҕото буолбатах. Джерси арыыны Британия сэбилэниилээх күүстэрэ көмүскүүр эбээһинэстээхтэр. Джерси туспа түмэннээх — Джерси штааттара. Джерсигэ хас да бытархай арыылар киирэллэр.

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. [1]
  2. Бейливик (ааҥл. bailiwick) — дьаһалтаннан тыырыллыы көрүҥэ, урут Британияҕа уонна АХШ-ка киэҥник тутталлара, ону таһынан Тевтон уордьанын сирдэрэ ааттаналлара. Билигин көнө өйдөбүлүнэн икки сиргэ официальнайдык туттуллар: Джерси уонна Гернси арыыларга. Бейливигы бейлиф салайар.