Герофил

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс

Герофи́л( биһиги үйэбититтэн 335-280 сыл ынараа өттүгэр олоро сылдьыбыт)- былыргы гириэк бырааһа. Анатомияҕа аан бастаан өлүктэри арыйан үөрэтиини киллэрбитэ. Ол эрэн Александрияҕа өлүгү арыйар олох бобуллар этэ. Герофил олоҕун улахан аҥарын Александрияҕа олорбута. Эрасистраты кытта тэҥҥэ Александрийскай медицинскэй оскуоланы төрүттээбиттэрэ. Бу икки быраастар ньиэрбинэй систиэмэ киинэ төбө мэйиитигэр сытар дии саныыллар этэ, уонна "билимтиэ" уонна "хамсатар" ньиэрбэлэри араартаабыттара.

Герофил
Төрөөбүт сыла 335 б.ү.ы.ө.
Төрөөбүт сирэ
  • Халкидон, Турция
Өлбүт сыла 280 б.ү.ы.ө.
Өлбүт сирэ
  • Александрия, Египет
Үлэлиир идэтэ быраас, гинеколог, анатом

Герофил (был.-гириэк. Ἡρόφιλος) медицинэ араас киинигэр элбэх үлэни хаалларбыта, анатомияны, хирургияны, офтальмологияны, кардиологияны уонна акушерствоны холбуу. Кини үлэлэрэ суолтатын сүтэрбиттэрэ, ол эрэн ону Гален хайгыыр, сыаналыыр.

[1]Гиппократ суругар Герофил харах хаатын ойуулабытын, ис оҥоһуутун с, хаан сүүрээһинин, төбө мэйиитин оҥоһуутун уонна сүрэх сосууттарын үлэтин суруйбутун туһунан суруллубут.Синуснай стугу (torcular Herophili) ойуулаабыта, бу манна төбө затылогун уҥуоҕун синустара барыта киирсэр. Кини маннык курдук түөс сүүрээнин ойуулаабыта, ол эрэн бу суолтатын билбэт этэ, уонна ол саҕанааҕы кэмҥэ саамай үчүгэйдик дьахтар уонна эр киһи оҥоһуутун ойуулаабыта.

Герофил тымыр тэбиитин үлэтин сүрүнээн чинчийбитэ киэҥник биллэр. Кини аан маҥнайгыннан тымыр тэбиитин үлтин быһаарбыта. Бу үлэтин чинчийэ сылдьан, улахан таһымнаах медицинскэй түмүккэ кэлбитэ. Артерияҕа хаан үлэтин билбитэ, хас биирдии тымыр тэбиитигэр анал аат биэрбитэ. Итилэртэн биир аат "Сүүрэр тымыр тэбиитэ" диэн ааттабыта бу күҥҥэ дылы тиийбитэ.

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. Былыргы гириэк учуонайа

Туһаныллыбыт литература[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

https://ru.wikipedia.org/wiki/Герофил