Бэдьимэ нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
(Мантан: Бэдьимэ көстө)
Аллараа Бэстээх (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Майа нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Төҥүлү нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Нөөрүктээйи нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Дьаҥхаады нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Хара нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Тараҕай нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Хорообут нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Хаптаҕай нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Мэҥэ нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Бүтэйдээх нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Иккис Наахара нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Дьабыыл нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Бастакы Тыыллыма нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Доллу нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Бастакы Наахара нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Бэдьимэ нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Ходоро нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Мөҥүрүөн нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Ороссолуода нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Алтан нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Баатара нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Мэлдьэхси нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Моорук нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Томтор нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Чыамайыкы нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Догдоҥо нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Араҥас нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Холгума нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Иккис Тыыллыма нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Дойду нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Уус-Алдан улууһаЧурапчы улууһаДьокуускайАмма улууһаХаҥалас улууһа

Бэдьимэ нэһилиэк. Мэҥэ-Хаҥалас улууһун нэһилиэгэ, киинэ Бэдьимэ.

Улуус кииниттэн 40 км хоту диэкки сытар.

Нэһилиэнньэтин ахсаана — 576 киһи (2007 сыл).

Нэһилиэк историята

1767c. - Баатар нэһилиэгэ Саха национальнай архивтарыгар 1767 сыл олунньу ыйга аан бастаан ахтыллар.

1921с. - I Баатараҕа Көрдүгэҥҥэ бастакы оскуола аһыллар. Учуутал - олохтоох ыччат Охлопков Николай Михайлович.

1927с. - "Сайдыы" табаарыстыба тэрииллэр.

1929с. - "Түмсүү" колхоз тэриллэр.

1931с. - "Тардыы" табаарыстыба тэриллэр.

1934с. - I сүһүөх комсомол тэрилтэтэ тэриллибитэ Колхоз хотоннорно, маҥхааһай, конюшня тутуллубуттара. Маҕаһыын аһыллыбыта.

1941 - 1945 с.с. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ I Баатараттан 97 эдэр дьон Ийэ дойдуларын көмүскүү ыҥырыллыбыттара. 54 буойун сэрии толоонугар охтубуттар, 43 буойун дойдуларыгар тыыннаах эргиллэн, айгыраабыт хаһаайыстыбаны чөлүгэр түһэриигэ күүстэрин харыстаабакка үлэлээбиттэрэ. Кырдьаҕастар, дьахталлар, оҕолор тыылга сэрии ыар сылларыгар күүстэрин, олохторун харыстаабакка туруулаһа үлэлээбиттэрэ. Сэрии инниттэн I Баатара5а ааҕар балаҕан аһыллан үлэлээбитэ.

1946с. - Сергучева Евдокия Алексеевна үлэлээбитэ.

1946 - 50 с.с. - Баатара талааннаах ыччата Неустроев Иннокентий Михайлович Мэҥэ - Хаҥалас оройуонун культуратын дьиэтин директорынан үлэлээбитэ.

1947с. - Сыырдаахха начальнай оскуола аһыллыбыта. Сэбиэдиссэйдэринэн үлэлээбиттэрэ: Шарина Домна, Эверстова Анисия о.д.а.

1949с. - Сыырдаахха начальнай оскуола аһыллыбыта. Эдэр талааннаах учууталлар нэһилиэккэ культура уонна спорт сайдыытыгар үгүс өрүттээх үлэни ыыталлар: Слепцова Нина Ильинична, Петрова Мотрена Прокопьевна, кэргэннии Григорьевтар, Россия киин куораттарыттан кэлбит эдэркээн учууталлар.

1951с. - "Жданов" колхоз "Түмсүүнү" кытта холбоһон "Түмсүү" колхоз буолбуттара.

1952с. - I, II Баатара нэһилиэктэрэ холбоһон Баатара нэһилиэгэ буолбуттара.


Нэһилиэктэн төрүттээхтэр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  • Аргунов Федор Степанович (1926 с. төр.) — Аҕа дойду сэрии кыттыылааҕа уонна инбэлиитэ. Хорсунун иһин мэтээллээх.
  • Аргунов Федор Федорович (1953 с. төр.) — Саха Сирин үтүөлээх сири олохтооччу.
  • Санникова Яна Михайловна (1973 с. кулун тутар 11 к. төр.) — Саха Сирин сайдыытын үөрэтэр чинчийээччи, история билимнэрин кандидата.
  • Ноев Валерий Власьевич (1939 с. сэтинньи 20 к. Амма улууhун Алтаныгар тор.) - мелодист, самодеятельнай композитор, Бэдьимэ нэhилиэгэр олорон ааспыта.
  • Осипова Мария Андреевна (1922 с. төр.), герой-ийэ, Бэдьимэ олохтооҕо, Мэҥэ-Хаҥалас бучуооттаах гражданката, норуот маастара. 10 о5ону төрөтөн атахтарыгар туруортаабыт, сэрии ыар кэмигэр Сыымахха олорон 5 оҕону ииппит-көрбүт. Герой Ф.К. Попову сэриигэ атаарбыт, бииргэ комсомолга үлэлэспит, кэлин быыстапкатын уонна музейын төрүтээччи киһинэн буолар.
  • Неустроев Николай Дмитриевич (1943-2020) — СГУ уһуйааччыта, педагогика билимин дуоктара, бэрэпиэссэр.

Сигэлэр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]