Боппосов Петр Михайлович

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Боппосов Петр Михайлович — XIX үйэ бүтүүтүгэр Арҕаа Хаҥалас улууһун Дьэр нэһилиэгин кинээһэ.

1876 сыллаахха атырдьах ыйыгар Ориенталистар аан дойдутааҕы үһүс кэҥгириэстэригэр Санкт-Петербуурга барсыбыт. Онно Саха сирин дэлэгээссийэтэ Саха уобалаһын төрүт олохтоохторун олоҕун-дьаһаҕын көрдөрбүт. Улуус олохтоохторо барар дьон айаннарыгар харчы хомуйбуттар. Кинини кытта тылбаасчытынан Георгий Слепцов барсыбыт, онно хаалан, Байыаннай мэдиссиинэ академиятын бүтэрэн, кэлин сахалартан бастакыннан быраас үрдүк үөрэҕин ылбыт, бастакы хирург буолбут.