Бикипиэдьийэ:Көҥүл туһаныллар айымньылар

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Көҥүл туһаныллар айымньылар — ханнык баҕарар сыалга-сорукка туһаныллар кыахтаах тиэкистэр, ойуулар, муусука, көмпүүтэр бырагырааммлара уо д. а. үлэлэр, маллар, тээбириннэр. Бу айымньылары көҥүл-босхо копиялыахха, уларытыахха уонна тарҕатыахха сөп.

Бу айымньылар анал лицензиялаахтар. Ол лицензиялара «копилефт» эбэтэр «копилефт буолбатах» диҥҥэ арахсаллар. Холобур балар «копилефт» лицензия ахсааныгар киирэллэр: Design Science License (DSL) уонна GNU Free Documentation License (GFDL). Бикипиэдийэ тиэкистэригэр ити иккис ааттаммыт лицензия туһаныллар.

Оттон FreeBSD Documentation License — «копилефт буолбатах» лицензия холобура.

Көмпүүтэр бырагырааммларын лицензиялара үксүн атын айымньыларга эмиэ туттуллаллар.

Өссө биир «көҥүл туһаныллар» лицензия холобура — сорох «Creative Commons» лицензиялары туһанан айымньылары бэчээттээһин. Бу лицензиялар айымньыны атыы-эргиэн эйгэтигэр туһанары боппоттор.