Биир Муостаах (сулустар бөлөхтөрө)

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс
Биир Муостаах

Биир Муостаах (лат. Monoceros, μονόκερως диэн гириэк тылыттан), экватор сулустарын бөлөҕө. Халлааҥҥа 481,6 квадрат кыраадыс иэннээх уонна 146 харахха көстөр сулустардаах.

Халлаан Сиигэр баар. Арассыыйа территориятыттан олунньуга ордук уонна толору көстөр.

Устуоруйа[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Саҥа бөлөх. Петер Планциус 1612 сыллаахха киллэрбитэ. Маҥнайгы аата Unicornu, билиҥҥи аатын Ян Гевелий киллэрбитэ.

Сигэлэр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]