Бегичев Улахан арыыта

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Бегичев Улахан уонна кыра арыылара куйаартан көстүүлэрэ

Бегичев Улахан арыытаЛаптевтар байҕалларыгар Хаатанга хомо төрдүгэр сытар. Саха сиригэр киирэр. Устата 61 км, кэтитэ 57 км, иэнэ 1800 км² кэриҥэ, үрдүгэ 201 м тиийэр. Үксүтэ Туундара үүнээйитэ. Кыыллартан кырса, таба, ууга муора кыыллара. Арыыны Бегичев Н. А. арыйбыта.


Ылыллыбыт сирэ[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Якутская АССР, словарь - справочник, Якутск, 1980 г.