Бал саалата

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Викинг кэминээҕи реконструкцияламмыт уһун дьиэ

Бал саалата (ааҥл. Mead hall) диэн былыргы герман омуктарга баар биир хостоох улахан дьиэ. Уһун дьиэ биир көрүҥэ. Бал саалатыгар тойдууллар ыалдьыттары көрсөллөр. Былыргы германнар тойдорго балтан оҥоруллубут бал утахтарын иһэллэрэ, ол иһин дьиэ Бал саалата дэнэр. 5 үйэттэн Орто үйэлэр саҕаланыыларыгар дылы бал саалата хоруоллар уонна лордтар олорор дьиэлэрэ этэ.