Атах тэпсии (оонньуу)

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Атах тэпсии - саха оонньуута.

Бастаан оонньооччулар уол-кыыс буолан ханыыларын булаллар. Ол маннык оҥоһуллар: кыыстаах уол көхсүлэринэн сыста тураллар, онтон ыытааччы "Күн таҕыста!" диирин кытта тэҥҥэ хайыһыахтаахтар, бииргэ хайыстахтарына ханыыларын булбут аатыраллар, тус-туспа хайыстахтарына салгыы ханыы көрдүүллэр.

5-7 ханыыласпыт уоллаах кыыс утарыта туран илиилэрин ханыыларын санныларыгар ууран тураллар. Онтон ыытааччы "чэ" диэтэҕинэ уҥа атахтарыттан саҕалаан бэйэ-бэйэлэрин атахтарын ис өттүн сыһыары тыастаахтык сыбырҕаччы тэпсэн киирэн бараллар. Атахтарын бокутуохтаахтар уонна сиринэн сыбырҕаччы ыытыахтаахтар. Ким ону сатаабатах, ол туоруур. Уһуннук тэпсибиттэр кыайыылаах тахсаллар.

Кыайыылаахтары күн диэки хайыһыннараллар уонна тула туран сарын-сарынтан ылан эргийэ сылдьаллар, битийбэхтииллэр, биир киһи "Күн таҕыста!" диир, бары ону үстэ хатылыыллар[1]

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. Саха төрүт оонньуулара, А.С. Федоров, 2011, Бичик, Дьокуускай