Айыы хотуна Аан Алахчын

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Айыы хотуна Аан Алахчын - Айыы итэҕэлин ус урдук Айыыларыттан биирдэстэрэ.

Саха өйдөбулунэн: "Халлаан тутааҕын" аахсыыта суох уйэлээх Кудук Мас көтөҕөн турар. Бу Кудук Мас Нэс туөрт утугэццэ тиийэ туhэ уунэн киирбит силистээх, тоҕус халлааннары тохсуоннарын курдары Уөhээ дойдуга дылы уунэн тахсыбыт чыпчархайдаах, сэттэлии былас сэбирдэхтээх, тоҕустуу былас туорахтаах. Кини төцургэс буолбут төрдуттэн хаар курдук астаах, хабыйахаан курдук эттээх икки көҕуөр симиир саҕа эмийдээх Айыы хотуна Аан Алахчын куругар диэри тахсан олорон субэлиир- амалыыр. Сай ортото Айыы хотуна Эрэкэ- Дьэрэкэ оҕолорунаан эрийэ тыал оҕото буолан сирин дойдутун көрөр- истэр идэлээх. Бу тыллары ырытыаҕыц эрэ. Бастатан "Айыы хотуна" диэни көруөҕуц. Уут-укчу итинник ааттаах дуоhунастаах хотуттар араас омукка абына-табына да буоллаллар бааллар. Киhи сөҕөрө кинилэр бары, Аан Алахчын курдук, урдуку кэрдиискэ тураллар. Санаан көруөҕуц: Оччотугар, "Айыы хотуна" туц былыр лаппа киэц сирдэринэн тайаан тарҕаммыт буолуон сөп этэ. Иккиhинэн "хаар курдук астаах, хабыйахаан курдук эттээх, икки көҕуөр симиир саҕа эмийдээх" диэни көруөҕуц. Итиннэ маарынныыр дьуhуннээх- бодолоох персонаж мифологияҕа баар дуо?. Туур тыллаахтар уонна Кавказ элбэх омуктарын мифтэригэр АЛБАСТЫ диэн демон баар.Кинилэр маарыннаhар өруттэринэн дьуhунэ- бодото буолар: мацан уhун астаах (баттахтаах) уонна өҕумэр эмийдээх. Сорох- сорохторго онтукатын өссө санныгар быраҕан кэбиhэр идэлээх. Дьэ, ол омуктарга Улуу "Айыы хотуна" богиняны магометанство киириитин саҕана Албасты демоцца кубулуппут эбиттэр. Усуhунэн Аан Алахчын "субэлиир- амалыыр" диэни көруөҕуц. "Олоцхоҕо" (номоххо) кэпсэнэринэн Эрэйдээх буруйдаах Эр соҕотох (многострадалец) хас да тууну быhа утуйбакка эрэйдэнэн көрдөhө кэлэр. Ити тыл-өс Ардвисура Анахитаны санатар буолбаат- "Еө просят, принося жертву, о даровании силы и могущества знаменитые как иранские, так и туранские богатыри, но она удовлетворяет просьбы только первых". Аны Мэри Бойс ("Зороастрийцы. Верования и обычаи". Центр " Петербургское востоковедение".1994г.) тугу суруйбутун көруөҕуц. "Беросс, вавилонский жрец, живший в начале 3 в. до Н.Э. сообщает, что Артаксеркс 2 (404-3ҕ9гг.) первый перс, который ввел поклонение изображениям, установив статуи Афродите-Анаитиде в главных городах империи и приказал народу их почитать. Очевидно, зороастрийцам было предписано поклоняться этим статуям, как изображающим Арэдви Суру Анахиту". Онон, Аан Алахчын былыргы Иран улуу богинятата Ардвисура Анахитаттан удьуордаах эбит. Уваровскай "Олоцхоҕо" Аан Алахчын алгыыр уонна бэйэтэ "кыыкынаан- кыыкынаан урдуөн- урдуөн (?) баран урукку төлунэн Аар мас буолан хааллаҕа" диэн тиспит. Аар Мас буолан хаалара өйдөнөр- онно олорор буоллаҕа дии. Онтон "урдуөн- урдуөн" диэн этээhин олох эрдэтээҕи өйдөбул тобоҕо буолуон сөп. Тоҕо диэтэххэ, Анахита туц былыр миф эрэ өйдөбулэ буолбатах, кини өссө культовай суолталаах этэ. Былыргы олоххо номохторго кэпсэнэринэн Аан Алахчын Аар Кудук Мас төцургэс буолбут төрдуттэн куругар диэри быган олорон субэлиир- амалыыр. Онон эбитэ дуу, Аан Алахчыны "Аар Мас иччитэ, Аан дойду иччитэ" диир буолбуттар быhыылаах. Ис дьицэр, кини дьиц айыллыбыт "дуоhунаhа" Айыы хотуна диэн. Аны туран, сахаҕа Айыы хотуна уонна иччи тус-туспа өйдөбуллэр эбээт. Онон, дьиц төрут өйдөбулу тутуhан "Айыы хотуна Аан Алахчын" диэхтээхпит.