Адель

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс
Адель

Сүрүн информация
Аата Адель Лори Блу Адкинс
Төрөөбүтэ 1988 сыл ыам ыйын 21 күнэ
Тоттенхем, Лондон, Холбоһуктаах Хоруоллук
Жанра Соул, блюз
Voice type(s) Контральто Gilbert, Andrew Singer-songwriter Adele brings introspection to Brit-soul scene. Seattle Times.</ref>
Ыллаабыт сыллара 2006 - билиҥҥигэ дылы
Лейбллара Divided By Law, Universal Music, XL Recordings
Уэбсайт Официал уэбсайта

Адель Лори Блу Адкинс (1988 сыл ыам ыйын 21 күнүгэр Тоттенхемҥа, Лондон таһыгар, Холбоһуктаах Хоруоллукка төрөөбүт Англия соул, джаз, контральто ырыаһыта.

Адель Кройдон куоракка 2006 сылыгар БРИТ оскуоланы бүтэрбитэ. 2006 сыл от ыйыгар "Платформ магазин" диэн сурунаалга икки ырыатын таһаарбыта.[1] Оскуоаны бүтэрэн баран табаарыстарын Джэк Пеньате ону тэҥэ Джейми Ти, Рауль Мидон, Девендра Банхарт, Эймос Ли уонна Кэрон Энн буолан Англия үрдүнэн араас куораттарыгар кыракый оруоллары оонньуур буолбут. 2007 сыл алтынньытыгар бастакы хедлайнер быһыытынан кыттыбыта.

Бастакы альбому аата Hometown Glory диэн эбит. Ол аата "Төрөөбут куоратым албан аата"'. Ол альбом ырыалара сүнньунэн Тоттенхем туһунан эбит. Альбому 2007 сыл Алтынньы 22 күнүгэр таһаарбыттар. Ол кэнниттэн Адель XL Recordings диэн музыкальнай лэйблы кытта илии баттаабыт. 2008 сыл Тохсунньутугар иккис синглын Chasing Pavements таһаарбыт.\

Ол кэнниттэн MySpace социальнай ситимҥэ олус ситиһиилээъ буолбут. Лили Аллены холобур оҥостон интернетка медиафокус ылбыта, уонна дьон ырыалар туһунан тугу толкуйдуурун туттар буолбут. BBC2 канаалга Later With Jools Holland шоуга Daydreamer ырыаны ыллаан Пол Маккартнины уонна Бьоркы кытта кыттыбыта. 2007 сыл ахсынньы 7 күнүгэр Friday Night with Jonathan Ross шоуга Chasing Pavements ырыаны толорбута.

Онтон 2007 сыл ахсынньы 10 күнүгэр Брит Авардс диэн олус престижнай бириэмийэ хаһаайката буолбута.[2][3] 2008 сыл тохсунньутугар саҥа Эйми Уайнхаус уонна 2008 сыл куолаһа диэн Би Би Си канал ааттаабыта. [4]

Discography[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Ырыалара[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  • Hometown Glory - 2007 сыл алтынньы 22 күнүгэр тахсыбыта
  • Chasing Pavements'" - 2008 сыл тохсунньу 21
  • Cold Shoulder - 2008, муус устар 28
  • Make You Feel My Love - 2008 сыл алтынньы 27
  • Rolling in the Deep - 2010 сыл сэтинньи 29 (Billboard чарт бастакы миэстэтигэр 2011 сыл ыам ыйын 21 - от ыйын 8 турбута)
  • Someone Like You - 2011 кулун тутар (төрөөбүт Англиятыгар бастакы нүөмэргэ тиийбит ырыа)

Альбомнара[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  • 19 2008сыл тохсунньу 28 күнэ[5]
  1. "Daydreamer"
  2. "Best For Last"
  3. "Chasing Pavements"
  4. "Cold Shoulder"
  5. "Crazy For You"
  6. "Melt My Heart To Stone"
  7. "First Love"
  8. "Right As Rain"
  9. "Make You Feel My Love"
  10. "My Same"
  11. "Tired"
  12. "Hometown Glory"

  • 21 2011 сыл тохсунньу 19 күнэ
  1. "Rolling in the Deep"
  2. "Rumour Has It"
  3. "Turning Tables"
  4. "Don't You Remember"
  5. "Set Fire to the Rain"
  6. "He Won't Go"
  7. "Take It All"
  8. "I'll Be Waiting"
  9. "One and Only"
  10. "Lovesong"
  11. "Someone Like You"

Сыылкалар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. Platforms Magazine - Issue 4.
  2. Brits.co.uk
  3. Timesonline.co.uk
  4. Soul singers top new talent list. BBC 6 Music (4 January 2008). Тургутулунна 4 Тохсунньу 2008.
  5. link

Атын уэбсайттар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]