Ыстатыйа киллэрии

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

О5ону оhолтон хайдах харыстыахха собʏй?

О5о оhоллонуута соhуччу тахсар улахан иэдээн. Ол эрээри оhол уhулуччу кутталлаах усулуобуйа5а буолбакка, ʏксэ о5о оонньуу, ʏɵрэнэ, кɵннɵрʏ сынньана сылдьар бириэмэтигэр тахсааччы.

Оhоллонууну маннык кɵрʏҥнэргэ араарыахха сɵп:

1.      Дьиэ5э-уокка оhоллонуу (бары оhолтон 23 кэриҥин ылар )

2.      Уулусса5а оhоллонуу (13)

3.      Оскуола5а уонна спордунан дьарыктанар кэмҥэ (бары оhолтон 5-6%) оhоллонуу

Дьиэ5э-уокка кырачааннар, 1-2-3 саастаах о5олор, ордук оhоллоноллор: итии ууга, итии хааhыга (ууккэ, миҥҥэ) буhаллар. Соро5ор итии ɵтʏʏгʏ, дьиэни ититэр мал, билиитэни тутан илиилэрин уокка сиэтэллэр.

Ити туохтан тахсар диэтэххэ, идэлээх, быраастар ʏɵрэтэн билбиттэригэр тирэ5ирэн эттэххэ, улахан дьон о5олорун аахайан кɵрбɵттɵрʏттэн, дьала5айдарыттан тахсар. 1-2 саастаах о5о ʏɵрʏйэ5э суох- билиитэ, ɵтʏʏк итии буолуохтаа5ын билбэт. Соро5ор остуолга ыттар, тʏннʏкэ тахсар – охтуохтаа5ын ɵйдɵɵбɵт.

Араас таас малы айа5ар угар, кыптыыйы, быhа5ы тутуута эмиэ куhа5аннык тумуктэниэн сɵп. кыра о5олор кулгаахтарыгар, муннуларыгар кыракый маллары симэллэрин сɵбʏлээччилэр. Онноо5ор 1-2 кылаас ʏɵрэнээччилэрэ сылы быhа кумаа5ыны муннуларыгар уган сытытан улахханнык ыарытыйа сылдьыбыт тʏбэлтэлэрэ эмиэ барр.

Онон олоххо-дьаhахха оhоллонуу тахсыбатын наадатыгар 3-р диэри саастаах о5олору кɵрɵɵччʏлэр (дьааhыла5а), тɵрɵппʏттэр, атын да улахан дьон, сэрэтэ, кɵрɵ-истэ сылдьыахтаахтар.

То5о оhох аана, ɵтʏʏк, биилиитэ, быhах, кыптыый «куhа5аннарын», тыытылыа суохтаахтарын ʏгʏстэ кэпсээн, кɵрдɵрɵн бобуллуохтаах- о5о ʏɵрʏйэхтэнэригэр кɵмɵбуолуохха наада. О5о ону-маны кɵрɵ-билэ сатыыр (айа5ар амсайа, илиитинэн тута), ону бобор соро5ор кыаллыбат, кини олус тʏргэн, сыыдам, тиийбитэ эрэ баар буолар. Ол иhин сʏhʏрʏɵххэ сɵптɵɵх уба5астары, бороhуоктары эҥин кини тиийбэт сиригэр тутуоххо наада.

Уулусса5а оhоллонуу массыынаны кытары сибээстээх уонна массыынаттан тутулуга суох эчэйиилэр лиэннэргэ хайдыhар. Куораттарга маннык оhол о5олор ортолоругар оhоллонууттан 20% ылар, тыа сиригэр арыый намыhах-16-18%. О5олору ордук туох алдьархайтан сэрэтиэххэ сɵбʏй? Ордук ʏгʏстʏк ʏɵрэнэн о5олор уулусса5а оhолго тʏбэhллэр, ол аата 7-14 саастаахтар.

О5о уулусса5а оонньуу тахсар. Yксʏгэр саҥа тутулла турар дьиэлэр эбэтэр кɵтʏллэн эрэр дьиэлэр о5олору ыҥырар курдуктар. Манна сабыылаах олбуор, аан суох. Абыр5ал, тимир, таас быыhыгар  «наадалаах» малы кɵрдʏʏллэр, булаллар, «буомба» оҥорон дэлби тэптэрэллэр, соро5ор таас бытыылканы хампарыта оонньууллар. Онтон ол ʏрдʏгэр тустуу, сыыллыы, «сэриилэhии» бɵ5ɵ буолар. Онон итинник дьиэлэр харабыла, кɵрʏʏтэ-истиитэ суох буолаллара о5олор араас оhоллонууларыгар (дэлби тэптэриигэ, харахтарын оhоллооhуҥҥа, умайыыга, тириини быстыыга) тиэрдэр. Соро5ор аҥардас сэрэтии ыҥырыы тыл: «Тɵрɵппʏттэр, тутулла турар дьи5э о5олоргутун ыытымаҥ!», этэргэ дылы, салгыҥҥа хаалар. Оhол тахсарыгар биир тɵрʏтʏнэн алдьаммыт тротуардар, киhи сылдьар сиригэр хаhыллыбыт ханаабалар, куhа5ан оҥоьуулаах муосталар, халтараан, мууhурбут сирдэр буолаллар.

Охсуhуу содула кырата суох миэстэни- уулусса5а оhоллонуу -12-13% ылар. Охсуhуу дириҥ силистээх. Манна о5ону кыратыттан аhыныгас, сытыары-сымна5ас буоларга ʏɵрэтии тɵрɵппʏттэртэн, дьааhыла иитээччилэриттэн, кыра кылаас учууталларыттан тутулуктаах. Охсуьууга

ʏксʏгэр, мɵлтɵх иитиилээх, тэбэнэттээх о5олор кытталлар.

Ханнык ба5арар о5о дьаьылатыгар, «герой» баар буолар: биир о5оттон оонньуурун былдьыыр, кими тʏɵскэ кэбэн ааhар, кими ытырар, охсор, ытатар. Соро5ор ɵссɵ охсуhааччыны тэптэрэн биэрээччилэр баар буолаллар: харса суох, майгылаах уол, атамаан буолсу- диэн. Маннык о5о 8-9 сааhыгар илиитэ кʏʏhʏрэн, толору кинигэлээх суумканан бииргэ ʏɵрэнэр о5отун дɵйʏтэн «доргутуутууга» тириэрдэр, дьэ оччого ким да «атамаан, харса суох» диэн ʏɵрбэт- кɵппɵт.хойутаан баран сэмэлээччи элбиир.

О5ону кɵннɵрʏ тылынан «массыынаттансэрэн», «уулуссаны мээнэ туораама» диэн ʏɵрэтииитэ5эс. Кинини кыра саастаа5ыттан кыра кылаастаргар диэри уулусса быраабылатын оонньоон (буолбут усулуобуйаларынан), ʏɵрэтиллиэхтээх.

Химическэй hэктэргэ сиэтии. Соро5ор олоххо-дьаьахха туттуллар араас аhыыбалары, уксууhу, суоданы, испиири уо.д.а. дьала5адык туттууттан уонна мээнэ ууран харайыыттан о5о улаханнык оhоллонор – айа5ын, кʏɵмэйин, куолайын, курта5ын сиэтиэн сɵп. Манна эмиэ тɵрɵппуттэр дьала5айдарыттан улахан алдьархай тахсар. Ити hэктэри дьалты тутуллуохтаах.

тɵрɵппʏттэр бол5омтолоругар

Билии кɵрдɵрɵрʏнэн о5о итиигэ буhуута сʏнньʏнэн дьиэтигэр буолар (93%).

1.     Бииригэр диэри о5олор итиигэ наар улахан дьон буруйдарынан буhаллар. Бу сааhыгар о5о барыны-бары харбаан ыла сылдьар идэлээх. 1саастаах о5оттон хара5ы араарбат ордук.

2.     2-3 саастаах о5олор активнайдык хааман, онно-манна тииийэр кэмнэргэ. Онон куруук сэрэтэ-кэпсии сылдьыахтаах: итии оhох аанын, ɵтʏʏгэ, итии, саҥа оргуйбут чэйи, мини, хааhыны уо.д.а. тыыппат гына  ʏɵрэтэр сɵп.

3.     Оскуола5а киириэн   иннинээ5и саастаах о5олор-3-7 саастаахтар, ɵй-санаа, күүс-кыах ɵртүнэн лаппа сайдаллар, кыанар буолаллар. Итиини-тымныыны ɵйдүүллэр, ол гынан баран бу саастарыгар бол5омтото, оттомо суох, түргэнник сылайар уратылаахтар. Хамсанара ахсымын, элбэ5ин да үрдүнэн сɵпсɵhүннэрии сайда илик.

Онон бу сааhыгар о5о оhолго ордук түбэhимтиэ. Бэйэтин кыа5ын билиммэт, үɵhэ ыттар, ыстанар, улахан саастаах до5оттруттан хаалсымаары харса суох сылдьар. Маннык саастаах о5олорго улахан дьон бол5омтолорун уураллара элбиэхтээх, сэрэтии, сэмэлээhин кэҥиэхтээх, хонтуруоллааhын күүhүрүɵхтээх. О5олор хайдах оhолломмуттарын туhунан кинигэттэн, хартыынаттан кэпсээhин о5олорго үгүстүк ыытылыахтаах.

4.     Оскуола саастаах о5олор, 7-16саастаахтар 3 группа5а хайдыhаллар:

а) кыралар бɵлɵхтɵрɵ 7-11 саастаах о5олор;

б) ортолор бɵлɵхтɵрɵ 11-14 саастаахтар;

в) улахаттар бɵлɵхтɵрɵ 14-16 саастаахтар;

кыра саастаах оскуола о5ото олус ону-маны кɵрүүн-билиэн ба5арар, сытыы, түргэн (үксүн сүүрүүнэн сылдьар). Бэйэтин сатаан кыатаммат, үксүн бэрээдэгэ суох. Олоххо үрүйэ5э кыра. Онон тэбэнэттээх быhыылары ɵр толкуйдуу барбакка, оҥорбутун да ɵйдɵɵбɵккɵ хаалар. Холобур, испиискэни уматан табаарыгар быра5ыан сɵп, эбэтэр түбэспит сиригэр мээнэ быра5ар.

Ол иhин о5ону бу сааhыгар кытаанах санаалаах хаачыстыбаны, сааhылаан, ситимнээн толкуйдуурга (маннык быhыыттан туох тахсыан сɵбүйдиэн) үɵрэтии буолар. Уокка, ууга оhоллонуу туhунан чугас билэр дьонноро оhолломмуттарын туhунан кэпсиэххэ сɵп.

тɵрɵппүттэр, иитээччилэр, эдьиийдэр, убайдар ханнык ба5арар оhолтон о5ону эмтиирдээ5эр сэрэтэр чэпчэки кыаллымтыа буоларын ɵйдүɵхтээтэр.