Хоро (Үөһээ Бүлүү)

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Хоро нэһилиэк Үөһээ Бүлүү улууһун каартатыгар

Хоро нэһилиэк. Үөһээ Бүлүү улууһун нэһилиэгэ, киинэ Хоро.

Улуус кииниттэн 15 км хотугулуу-арҕаа диэки сытар.

Нэһилиэнньэтин ахсаана 1217 киһи (2007 сыл).


Хоро оскуолатыгар Дягилев Андрей Алексеевич диэн Гражданскай сэрии кыттыылааҕа учууталлыы сылдьыбыта.

[уларыт] Устуоруйата

Үөһээ Бүлүүттэн Марха улууһа хайдан барбытын кэннэ (1824 с.) Үөһээ Бүлүү сирэ аччаан биэс эрэ буолас (нэһилиэк) хаалбыта. Онтон 8-9 сыл буолан баран 1835 сыл саҕаланыытыгар уон буолас буола охсор: Мэйик, Нам, Боотулуу, икки Үөдүгэй, икки Хоро, Чочу, Өргүөт уонна Халбаакы. 1839 с. икки Хоро нэһилиэгэ холбоһон биир буолбуттара. 1911-12 сылларга Бүлүү өрүс хаҥас өттүнээҕи нэһилиэктэрэ Арҕаа Бүлүү (сороҕор Үөдүгэй) улууһа буола сылдьыбыттара. Ол улуус киинэ Далыр этэ. Бу кэмҥэ I уонна II Хоро нэһилиэктэрэ эмиэ туспа сурулла сылдьаллар[1].

[уларыт] Ылыллыбыт сирэ

Энциклопедия Якутии, М., 2000 г.

[уларыт] Быһаарыылар

  1. Үөһээ Бүлүү. Бүгүн, бэҕэһээ, сарсын. 2001. Дьокуускай, Кудук. ISBN 5-7863-0162-1
Тус бэйэ туттар туруоруулара
Аат даллара

Барыллар
Дьайыылар
Навигация
Үнүстүрүмүөннэр
Үнүстүрүмүөннэр
Атын омук тылынан