Лаахтаах тэллэй
Лаахтаах тэллэй (лат. Laccaria laccata, нууч. Лаковица лаковая (розовая)) — үрдүкү тэллэйдэргэ киирэр сиэнэр таҥалайдаах тэллэй.
Сииктээх сэбирдэхтээх, инньэлээх ойуурдарга муох анныгар үүнэр.
Оҥоһуутун ойуулааһын[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
Сэлээппэтэ: Хаптаҕайдыҥы, кураанах, кыһыллыҥы-хоҥор, эбэтэр розатыҥы хоҥор, кэлин өлбөөдүйэр.
Таҥалайдаах араҥата: Халыҥ, бэйэ бэйэтиттэн ыраах-ыраах.
Этэ: кыһыллыҥы-хоҥор, чараас. Сыта да амтана да суох.
Атаҕа: сэлээппэтин курдук өҥнөөх.[1].
Туттуллуута[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
Үксүн тута сиэнэр.
Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
- ↑ Грибы Якутии. Г.С. Угаров уонна соавт., Дьокуускай, Бичик, 2009 ISBN 987-5-7696-3120