Just Add Magic

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Just Add Magic
Жанра Дьиэ кэргэн
Фантастика
Драма
Олоҕурбут "Just Add Magic" Синди Каллаган кинигэтиттэн
Оҥорооччу Джоанна Льюис
Кристин Соҥко
Оруолларга Оливия Санабиа
Абби Доннелли
Обри Миллер
Джуда Беллами
Катиа Охэда
Андрю Бөрлинсон
Ди Уоллес
Эми Хилл
Эллен Карстен
Эйден Лавкамп
Композитор Дебора Люри
Зак Райан
Дойдута АХШ
Тыл(лар)а Ааҥл тыла
Сезоннарын ахсаана 3
Эпизодтарын ахсаана 51
Оҥоруу
Толорор
оҥорооччу(лар)
Джо Нуссбаум
Андрю Оренштейн
Холбоhон толорор
оҥорооччу(лар)
Луиза Лешен
Джоанна Льюис
Кристин Соҥко
Прөдүүсэр(дэр) Пикси Уэспайзер
Cериятын уhуна 23—27 мүнүүтэ
Компания Amazon Studios
Picture in a Row
Grasshopper Lane Entertainment
Дистрибьютор Amazon.com
Көрдөрүү
Ханаал Amazon Video
Көстүү формата HDTV (1080p)
Аудио формата Stereo; 5.1 Surround
Көрдөрүүтэ Тохсунньу 15, 2015 (2015-01-15) – Алтынньы 25, 2019 (2019-10-25)

Just Add Magic (сах. тылб. Апта эбэн кэбис) диэн Америкаҕа оҥоһуллубут дьиэ кэргэҥҥэ анаммыт телесериал. Синди Каллаган соннук ааттаах кинигэтиттэн[1] көҥүллүү олоҕурбут уонна Amazon Studios компания оҥорбут сериала буолар. 2015 сыл саҕаланыыттан түөрт сылы быһа тахсар кэмнээх этэ.[2][3]

Сериал салгыыта Just Add Magic: Mystery City (сах. тылб. Апта эбэн кэбис: Кистэлэҥнэрдээх куорат) диэн ааттаах спин-офф Тохсунньу 17, 2020 тахсыбыта.[4]

Сүжета[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Кэлли, Дарби уонна Һанна — Саффрон Фолс диэн кыра куоракка олорор үс бастыҥ дьүөгэлэр. Үһүөн астааһыны наһаа тапптыыллар. Арай Кэлли эбэтин төрөөбүт күнүгэр торту оҥорон истэхтэринэ (ол гынан баран Кэлли инитэ Бадди алдьаппыта) кыргыттар дьиэ чердакыгар былыргы дьүһүннээх дьикти астыыр кинигэни (кинилэр Кэлли эбэтин киэнэ диэн саныыллар) булаллар. Ол кинигэҕэ дьикти рецептар баалларын көрөллөр, холобур, "Shut'em Up Shortcake" ("Ах бардыннар" араҥаланар торт, нууч. Торт-затыкашка) уонна "Hazelnut Healing Tart" (Фундуктаах эмтиир тарт, нууч. Лечащий тарт с фундуком), ону быһа оннук рецептар биллибэт ингредиеннары модьуйаллар, холобур, "Cedronian vanilla" (нууч. Цедрониновая ваниль) уонна "Taurian thyme" (нууч. Таврический тимьян). Сол торту астыырга, кыргыттар дьикти ингрединеннары буларга Маама Пи (Mama P's) лааппытыгар бараллар. Бэйэтэ Маама Пи ити ингредиеннары билэн кыргыттарга биэрэр. Ону киэһэ Бадди эмиэ торту алдьатар уонна сиэн кэбиһэр.

Сарсыҥҥыга кырдьыктыы Бадди саҥата суох хаалар, онтон тарт Дарби бэрбээкэйин түргэнник эмтээн кэбиһэр. Ол кэнниттэн кыргыттар ол астыыр кинигэлэрэ аптаах диэн уонна хас биирдии аптаах ас улахан сыаналаах буоларын өйдүүллэр. Ити кэмтэн кыргыттар кинигэни сөптөөхтүк туттарга араллааннара саҕаланар, тоҕо диэтэххэ кинилэр аны ол астыыр кинигэ саҥа харыстааччылара...[5]

Оруолларга[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Сүрүн оруоллар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  • Оливия Санабиа (Olivia Sanabia) — Кэлли Куинн (Kelly Quinn), саҥа харыстааччы
  • Абби Доннелли (Abby Donnelly) — Дарби О'Брайан (Darbie O'Brien), саҥа харыстааччы
  • Обри К. Миллер (Aubrey Miller) — Һанна Паркер-Кэнт (Hannah Parker-Kent), саҥа харыстааччы
  • Джуда Беллами (Judah Bellamy) — Джейк Уиллиамс (Jake Williams), кыргыттар доҕотторо уонна Маама Пи'ҕэ үлэлиир
  • Катиа Охэда — Тэрри Куинн (Terry Quinn), Кэлли ийэтэ
  • Андрю Бөрлинсон — Скотт Куинн (Scott Quinn), Кэлли аҕата
  • Ди Уоллес-Стоун — Рэбэкка “Бэкки” Куинн (Rebecca «Becky» Quinn), Кэлли эбэтэ уонна уурайбыт харыстааччы
  • Эми Хилл — Айда "Маама Пи" Пэрэс (Ida «Mama P» Perez), уурайбыт харыстааччы
  • Эллен Карстен — Джина Силвэрс (Ms. Gina Silvers), уурайбыт харыстааччы
  • Эйден Лавкамп — Бадди Куинн (Buddy Quinn), Кэлли инитэ (быраата).

Ойоҕоско баар оруоллар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  • Мира Фурлан — Айанньыт (The Traveler)
  • Зак Каллисон — Чак (Chuck)
  • Фелиша Тэррелл — Нөэль Джаспер (Nöelle Jasper)
  • Джоли Хоаҥ-Раппапорт — Зоуи (Zoe)
  • Спрэг Грейден — Джилл/Кэролайн
  • Тэсс Парас — Эрин Чуа
  • Усман Элли — Мистер Моррис
  • Джен Дроһан — Эми

Сериялар тиһиктэрэ[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

СезонЭпизодтарАан бастаан тахсыбыт
Бастаан тахсыбытБүтэһигэ тахсыбыт
113Тохсунньу 15, 2015 (2015-01-15)Тохсунньу 14, 2016 (2016-01-14)
22613Алтынньы 14, 2016 (2016-10-14)Тохсунньу 12, 2017 (2017-01-12)
13Тохсунньу 19, 2018 (2018-01-19)
31211Олунньу 1, 2019 (2019-02-01)
1Алтынньы 25, 2019 (2019-10-25)

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. White, Hilary The Kids' Book That Amazon Is Turning Into a TV Pilot (en-US).
  2. Amazon Orders 5 Original Series Including ‘Man In The High Castle,’ ‘Mad Dogs’. Deadline Hollywood (February 18, 2015). Тургутулунна 1 Тохсунньу 2016.
  3. Hipes, Patrick Amazon’s ‘Just Add Magic’ Renewed For Season 2. Deadline Hollywood (June 8, 2016). Тургутулунна 1 Тохсунньу 2016.
  4. https://mashable.com/article/amazon-prime-video-january-2020/
  5. Watch Just Add Magic Season 1 Episode – Amazon Video. Тургутулунна 1 Олунньу 2016.

Сигэлэр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Just Add Magic in Amazon Video (сериал бүтүннүүтэ).