Одиша суксурҕа харсыһыыта

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

2023 сыл бэс ыйын 2 күнүгэр Индия илинигэр баар Одиша штатын Баласор хототун чугаһыгар үс суксурҕа харсыста. Харсыспыт суксурҕалар - икки пассажир суксурҕа (12841 Coromandel Express уонна 12864 SMVT Bengaluru–Howrah SF Express) уонна биир таһаҕас суксурҕа. Харсыһыы Bahanaga Bazar тимир суол станциятын чугаһыгар буолбут. Аччаабыта 295 киһи өлбүт, 1175 киһи эчэйбит. Бу 1995 сылга Фирозабад хото аттыгар буолбут 358 киһи өлүүлээх суксурҕа харсыһыытын кэнниттэн Индия тимир суолун ордук иэдээннээх саахала буолар.