I Тыыллыма нэһилиэгэ

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

I Тыыллыма нэһилиэгэ — Илин Хаҥалас улууһугар баар буола сылдьыбыт нэһилиэк. 1822 сыллаахха Илин-Хаҥалас улууһун Нөөрүктээйи нэһилиэгиттэн арахсан Хаптаҕай, Догдоҥо, Хара, Ходоро, Тыыллымалар, Дьөппөннөр уонна Хачыкаат нэһилиэктэрэ үөскээбиттэрэ.

I Тыыллыма нэһилиэгин бастакы кинээһинэн Петр Заболоцкай буоларын 1822 сыллаах нэһилиэк иһигэр үп-харчы хомуллуутун уонна туттуллуутун туһунан суруйбут сыллааҕы отчуота баарын национальнай архыып ф39и, о-1, д-93, л-95об. докумуона туоһулуур.

Нэһилиэккэ Сүүрүк, Аһыыкай, Түгүнүүр, Дьооҕур, Улар, Утуруку, Куччаҥа, Нуурак, Сата диэн 9 аҕа уустара баара. Нэһилиэк кинээстэринэн үлэлээбиттэр эбит биллэринэн:

  • Заболоцкай Петр
  • Охлопков Михаил
  • Божедонов Михаил Егорович (Эмис)
  • Никифоров Василий Сергеевич (Манньыаттаах)
  • Ларионов Иван Михайлович (Тоох)
  • Павлов Иван Филиппович (Быыпсай)
  • Григорьев Егор (Чачынаай)
  • Максимов Петр Михайлович (Тоҥус Бүөтүр)
  • Романов Николай Иванович (Чааккаан)