Молдаваан тыла

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
(Мантан: Молдова тыла көстө)

Молдаваан тыла (молд. limba moldovenească, лимба молдовеняскэ) — ромаан тылларын балкан-роман алын бөлөҕөр киирэр тыл.

Билиҥҥи лингвиистэр үксүлэрэ[1] тыл киритиэрийинэн туспа молдаваан тылын араарбаттар, атын румыын түөлбэ тылларын тэҥэ (мунтен, олтен, арделен (трансильван) уонна да атыттар) румыын тылын молдаваан түөлбэ тыла баар дииллэр[2].

Молдоваттан ураты молдаваан тыла (диалега) Румыния Молдова диэн ааттанар уобалаһыгар, Трансильвания сорҕотугар, Буковинаҕа уонна Украина Одесса уобалаһыгар тарҕаммыт.

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. Лухт Л. И., Нарумов Б. П. Румынский язык // Языки мира. Романские языки. — М., Academia, Институт языкознания РАН, 2001 — С. 575
  2. «Румынский язык» в энциклопедии «Britannica»; Лухт Л. И., Нарумов Б. П. Румынский язык // Романские языки. М., 2001. С. 577.