Иһинээҕитигэр көс

Камерон Бойс

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
(Мантан: Кэмерон Бойс көстө)
Ка́мерон Бойс
Cameron Boyce

2017 сылга
Төрөөбүтэ 28.05.1999, Лос-Анджелес, Калифорния, АХШ Flag of the United States
Өлбүтэ 07.07.2019, Лос-Анджелес, Калифорния, АХШ (20 саастаах) Flag of the United States
Идэтэ Актёр, үҥкүүһүт
Үлэтин сыллара 2008-2019
Манньалара Young Actors Award (2012)


Ка́мерон Ми́ка Бойс (ааҥл. Cameron Mica Boyce; Ыам ыйын 28, 1999 — От ыйын 7, 2019) — Америкатааҕы актёр уонна үҥкүүһүт этэ. Ордуктук Дисней «Jessie» (2011-2015) уонна «Gamer's Guide to Pretty Much Everything» (2015-2017) ситком сериалларыгар, ону кытта «Descendants» (2015-2019) үс фильмаларыгар сүрүн оруоллардаах буолан аатырбыта.

Ка́мерон Бойс ыам ыйын 28 күнүгэр Лос-Анджелеска, Калифорния штаакка төрөөбүтэ. Кини онно үөрэммитэ (2017 сылга бүтэрбитэ) уонна ийэлиин, аҕалыын, балтытын Майялыын кытта олорбута. Брейк-данска, хип-хопка, аныгылыы үҥкүүлэргэ уһуйар уонна кэрэхсиир этэ. Ону тэҥэ баскетболга оонньуурун таптыыр этэ. Түөрт доҕордуун кытта X-MOB[1] хамаандаҕа кыттыһааччы этэ.

От ыйын 6-7 күнүгэр түүнүн, эдэр сааһыгар (20 саастаах этэ), ана уһун ыарыыттан, утуйа сырыппытыгар өлөн хаалбыта[2].

2008 сыл ыам ыйыгар кини аан бастаан телевиденияҕа көстүбүтэ — «Panic! At the Disco» рок-бөлөх "That Green Gentleman (Things Have Changed)" диэн видеоклипыгар[3] Райан Росс (бөлөх биирэ) кыра саастааҕын оонньообута. Бу сыл от ыйыгар "General Hospital: Night Shift" диэн мыльнай операҕа көстүбүтэ. Ити кэнниттэн кини киинэҕэ аан-маҥнайгы тахсыыта буолбута — "Mirrors" диэн хоррорфильмҥа кыра оруолу оонньообута. Онтон 2010 сылга «Одноклассники» диэн киинэҕэ оонньообута.

Диснейга маҥнайгы оруоллаах буолбута — «Good Luck, Charlie!» диэн сериалга анал ыалдьыт быыһытынан. Онтон «Shake It Up» диэн ситкомҥа биир серияҕа кыра үҥкүүһүттэр биирдэрэ этэ. 2011 сылтан 2015 сылга диэри «Jessie» диэн телесериалга биир сүрүн оруолу уонна ити ситком спин-оффыгар «Bunk'd»-га сити оруолу оонньообута. Ону кытта кини 2015 сылга Disney ханаалыын «Утумнааччылар» («Descendants») фильмыгар Карлос (Круэлла Де Виль уола) быыһытынан уһуллубута. 2017-гэ «Descendants 2» уонна «Descendants 3» 2019-га эмиэ Карлос оруолун оонньообута.

2019 ыам ыйыгар Hozier ырыаһыт "Almost (Sweet Music)" диэн клипыгар[4] кыттыбыта.

Сыла Нууччалыы аата Ааҥыллыы аата Оруола
2008ЗеркалаMirrorsМайкл Карсон
2008На крючкеEagle EyeСэм Холломан
2008Главный госпиталь: Ночная сменаGeneral Hospital: Night ShiftМайкл Кейтс-кырата
2010ОдноклассникиGrown UpsКейти Федер
2011Держись, Чарли!Good Luck, Charlie!албын Гейб Данкан
2011Джоди Моди и нескучное летоJudy Moody and the Not Bummer SummerХантер
2011Танцевальная лихорадка!Shake It Upүҥкүүһүт
2011-2015ДжессиJessieЛюк Росс
2012Остин и ЭллиAustin & AllyЛюк Росс (2.06 эпизод)
2012-2015Джейк и пираты НетландииJake and the Never Land PiratesДжейк (саҥата)
2013Одноклассники 2Grown Ups 2Кейти Федер
2014Совершенный Человек-паукUltimate Spider-ManЛюк Росс (саҥата, 3.21 эпизод)
2015Лив и МэддиLiv and MaddieКрагг (2.17 эпизод)
2015НаследникиDescendantsКарлос Де Виль
2015-2017Дневник геймераGamer's Guide to Pretty Much EverythingКонор
2015-2017Наследники: Злодейский мирDescendants: Wicked WorldКарлос Де Виль (саҥата)
2016РеанимацияCode BlackБроди (1.17 эпизод)
2016Летний лагерьBunk'dЛюк Росс (1.12, 2.06 эпизодтар)
2017Наследники 2Descendants 2Карлос Де Виль
2017Человек-паук (мультсериал, 2017)Spider-ManГерман Шульц / Шокер (саҥата, 1.03 эпизод)
2019Наследники 3Descendants 3Карлос Де Виль
2019Миссис ФлетчерMrs. FletcherЗак (1.01-1.07 эпизодтар)
  1. Bios | Disney Channel Press (en-US). www.disneyabcpress.com. Тургутулунна 11 Балаҕан ыйын 2017.
  2. Cameron Boyce death: Disney Channel star dies in his sleep aged 20.
  3. https://www.youtube.com/watch?v=3f3K2sEHuIM Panic! At The Disco: That Green Gentleman [OFFICIAL VIDEO]
  4. https://www.youtube.com/watch?v=JJ9IX4zgyLs Hozier - Almost (Sweet Music) (Official Video)