Эбээннэр: Барыллар ыккардыларынааҕы ураты

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Ис хоһооно сотторолунна Ис хоһооно эбилиннэ
Addbot (ырытыы | суруйуу)
к Bot: Migrating 17 interwiki links, now provided by Wikidata on d:q1142851 (translate me)
Addbot (ырытыы | суруйуу)
к Bot: Migrating 2 interwiki links, now provided by Wikidata on d:q1142851 (translate me)
15 устуруока: 15 устуруока:


[[Категория:Омуктар]]
[[Категория:Омуктар]]

[[sr:Евени]]
[[vep:Evenalaižed]]

04:15, 10 Кулун тутар 2013 барыл

Эбээннэр (урукку ааттара илиҥҥи тоҥустар, ламууттар) — Арассыыйа хотугулуу илин өттүгэр тарҕанан олорор эбэҥкилэргэ чугас омуктар.

Эбээн диэн тыл икки суолталаах буолуон сөп, бастакыта хайаттан түһээччи, иккиһэ - маннааҕы, олохтоох киһи диэн. Ольскай түөлбэ уонна Камчааткаҕа баар Быстринскай оройуон эбээннэр бэйэлэрин орочел дииллэр — табалаах, табаһыт (орон — таба). Ольскай оройуон икки сэлиэнньэтигэр (Армань уонна Ола) олохтоох эбээннэр бэйэлэрин мэнэ, мэнэл дииллэр, ол аата биир сиргэ олорооччу диэн. Аллараа Халыма эбээннэрэ бэйэлэрин иилкан дииллэр — дьиҥнээх, оттон эвын диэн кинилэр хайаҕа уонна тайҕаҕа олорор эбээннэри ааттыыллар.

Этнолингвистическэй классификацияннан эбээннэр тыллара тоҥус-мондьуур бөлөх хотугу тоҥус салаатыгар киирэр.

Бүтүн Арассыыйатааҕы 2002 с. биэрэпис түмүгүнэн Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 11 657 эбээн олорор эбит, Магадаан уобалаһыгар — 2527, Камчааткаҕа — 1779, Чукотскай автономиялаах уокурукка — 1407, Хабаровскай кыраайга — 1272, Кэрээк автономиялаах уокуругар — 751.[1] Саха сиригэр эбээннэр бу улуустарга түөлбэлээн олороллор — Эбээн-Бытантай, Уус-Дьааҥы, Муома, Кэбээйи, Томпо, Булуҥ, Үөһээ Дьааҥы, Аллараа Халыма, Орто Халыма, Үөһээ Халыма, Алайыаха, Өймөкөөн, Абый; Магадаан уобалаһыгар маннык оройуоннарга — Ольскай, Хотугу-Эбээн, Орто-Канскай; Хабаровскай кыраайга маннык оройоуннарга — Охуоскай, Үөһээ-Бурея; Камчаатка Быстринскай оройоунугар.

Өссө маны көр

Быһаарыылар