Аустралиа: Барыллар ыккардыларынааҕы ураты
к r2.7.1) (робот эптэ: rn:Australiya |
к r2.6.4) (робот эптэ: rw:Ositaraliya |
||
265 устуруока: | 265 устуруока: | ||
[[roa-rup:Australia]] |
[[roa-rup:Australia]] |
||
[[ru:Австралия]] |
[[ru:Австралия]] |
||
[[rw:Ositaraliya]] |
|||
[[sa:आस्ट्रेलिया]] |
[[sa:आस्ट्रेलिया]] |
||
[[scn:Australia]] |
[[scn:Australia]] |
21:59, 7 Тохсунньу 2011 барыл
Аустралиа (Australia), официал аата Аустралиа Доҕордоhуута (Commonwealth of Australia), Сир соҕуруу өттүгэр баар дойду. Аустралия континены бүтүннүүтүн ылар, Тасмания арыы уонна өссө хас-да Чуумпу океаҥҥа уонна Индия океаныгар баар арыылар. Аустралияттан чугас дойдулар: Индонезия, Илин Тимор уонна Папуа Саҥа Гуинея хоту, Соломон арыылара, Вануату уонна Саҥа Каледония хотугулуу-илин уонна Саҥа Зеландия соҕуруулуу-илин.
Дьон Аустралияҕа 42,000 тахса сыллааҕыта кэлэн олохсуйбуттара. Бастакы Эуропа дьоно 1606 с. кэлбиттэрэ. 1770 с. Аустралия Британия Империятын сирэ буолбута. Тохсунньу 26 к. 1788 с. Саҥа Соҕуруу Уэльс диэн Британия бастакы колонията тэриллибитэ. 19 үйэ устата өссө биэс колония баар буолбута. Бу алта колониялар тохсунньу 1 к. 1901 с. федерация буоланнар Аустралия Холбоhуга тэриллибитэ.
Экономиката
Аустралия аан дойду биир саамай сайдыылаах уонна баай дойдуларын ахсааннарыгар киирсэр. Аан дойдуга баайынан үһүс миэстэни ылар. Дьон орто хамнаһа 41 тыһыынча долларга тиксэр. Аустралия аан дойду үрдүнэн элбэх тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарар. Ону таһынан Аустралия сайдыылаах индустриялаах дойдуларга киирсэр. Улахан үп киинэ буолар.
Историята
Дьоно
Аустралияҕа сүүһүнэн араас омук олорор, Америка курдук иммиграннар дойдулара буолар, ол эбэтэр олохтоохторо үксүлэрэ кэлиилэр. Дойду дьонун бүттүүн ахсаана 23 мөллүйүөн 577 тыыһынча 675 киһи. Олортон 16 мөллүйүөн курдуга аустралиялар.
- Кытайдар (4 мөллүйүөнтэн тахса)
- Ааҥллар (1 мөллүйүөнтэн тахса)
- Кэриэйдэр (1 мөллүйүөнтэн тахса)
- Малайдар (1 мөллүйүөнтэн тахса)
- Дьоппуоннар (800 тыыһынчаттан тахса)
- Италиялар (500 тыыһынчаттан тахса)
- Атыттар (600 тыыһынчаттан тахса), олор ахсааннарыгар сахалар - 3 тыыһынча курдук, онтон нууччалар - 45 000.
Аустралия сахалара
Аустралия сахалара диэн Аустралия дойдутугар олорор уонна Аустралия дойдутун паспорын илдьэ сылдьар сахалар, эбэтэр наар олохтоох хаартатын илдьэ сылдьаллар. Сахалар Аустралияҕа бастаан 19 үйэ саҕаланыытыгар кэлбиттэрэ. Үксэ балыксыттар, кыһыл көмүс көрдөөччүлэрэ этэ. Билигин Аустралия баай уонна күүскэ сайдыбыт буолан араас омук барыта олохсуйа барар сирэ буолла. Олор ахсааннарыгар сахалар.
Аустралия олорор сахалар ахсааннара:
- 1877 - 1 Саха дьоно
- 1939 - 6 Саха дьоно
- 1950 (сэрии кэнниттэн) - 42 Саха дьоно
- 1989 - 128 Саха дьоно
- 1991 - 567 Саха дьоно
- 2001 - 1678 Саха дьоно
- 2002 - 2978 Саха дьоно
- 2007 - 3001 Саха дьоно
- 2010 - 3056 Саха дьоно
Айылҕата
|