Энох

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Таҥара Эноҕу ылар, Үөскээһин 5:24. Герард Хут гравюрата, 1728

Энох (ивр. חֲנוֹךְ‎) диэн Улуу халаан иннинээҕи аҕа баһылык. Сет удьуора, Ной хос эһэтэ. Үөскээһин битигэ кэпсииринэн Энох 365 сыл олорбут. Бэриниилээх сиэрин уонна итэҕэлин иһин Таҥара кинини сиртэн ырайга ылбыт. Битик суруйуутунан Энох "Таҥаралыын барсан суох буолбут; Таҥара кинини ылбыт" (5:21–24). Христианнар итэҕэллэринэн Энох Ылдьаа көрбүөччүлүүн Иккис кэлиигэ көстүөхтээхтэр.