Чэмэлиидэ

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Чэмэлиидэ

Чэмэлиидэ (лат. Parnassia palustris) (нууч. белозор болотный). Сииктээх, дулҕалаах от үрэхтэргэ, ойуур, талах быыһыгар сөбүлээн үүнэр. Хойуутук үүммэт. 10—15 см үрдүктээх, сытыы кырыылаах умнастаах. Төбөтүгэр биэс үрүҥ эминньэхтээх, сибэккитэ от, атырдьах ыйыгар ситэр. Угун төрдүгэр хас да туураҕа олорор сүрэххэ маарынныыр сэбирдэхтэрдээх. Умнаһын ортотугар биир туурата суох сэбирдэхтээх.

Эмтэнэргэ туттуллуута[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Бу үүнээйи уутун, көөнньөһүгүн ииктэтэр эмп быһыытынан туттуохха сөп. Ону тэҥэ үөһүрдэххэ, тымныйан ыарыйдахха, хаан барыытын тохтоторго иһэллэр. Сис дьарҕатыгар ванна эбэтэр угут оҥостон тутуннахха, ыарыы арыый мүлүрүйэр, ыарыһах хамсанара-имсэнэрэ чэпчиир.


Туһаныллыбыт сирдэр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  • К. Токумова, П. Токумов, Төрөөбүт дойдубут эмтээх үүнээйилэрэ. Дь., Бичик. 2008. ISBN 978-5-7696-2947-1
Чэмэлиидэ, Parnassia palustris