Заменгоф Лазарь Маркович

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Лазарь Маркович Заменгоф (пол. Ludwik Łazarz Zamenhof; идиш לײזער לוי זאַמענהאָףЛейзер Лейви Заменгоф; пол. Ludwik Lejzer Zamenhof; эспер. Ludoviko Lazaro Zamenhof; 1859 сыл, ахсынньы 15 күнэ Белосток1917 сыллаахха, муус устар 14 күнүгэр Варшава) — Польша тыл үөрэхтээҕэ уонн окулииһа, эсперанто тылы айбыт киһи быһыытынан биллэр.

1859 сыллаахха ахсынньы ый 15 күнүгэр Белосток куоракка Польша сиригэр төрөөбүтэ. Еврей төрүттээх. Врач окулист уонна лингвист этэ. Кини эсперанто диэн тылы төрүттээбит киһи буолар. Псевдонима Дуоктар-Эсперанто диэн этэ, ити псевдонимынан 1887 сыллаахха Аан дойду тыла (Международный язык) диэн улахан кинигэтин бэчээттэппитэ. Өссө биир улахан кинигэтэ "Fundamento de Esperanto" (Эсперанто тутулуга) диэн грамматическай быраабылата уонна тылдьыта буолар.