Бырааттыы Маркстар

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Бырааттыы Маркстар (ааҥл. The Marx Brothers) — Америка комик бөлөҕө, биэс бырааттыылартан турар эбит: Чико (ааҥл. Chico, дьиҥнээх аата Леонард, 1886–1961), Харпо (ааҥл. Harpo, Адольф Артур, 1888–1964), Граучо (ааҥл. Groucho, Дьулиус Генри, 1890–1977), Гуммо (ааҥл. Gummo, Милтон, 1893–1977) уонна Зеппо (ааҥл. Zeppo, Герберт, 1901–79).

Ийэлэрин (Минни, ааҥл. Minnie) кытта эстрада "Алта музыка талисмаана" (ааҥл. The Six Mascots) спектаклы туруорбуттар (1904–18). Гуммо эрдэ бөлөхтөн тахсыбыт, онон бөлөх "Түөрт бырааттыы Маркстар" (ааҥл. The Four Marx Brothers) диэн аатынан биллибитэ. Бродвейга (ааҥл. Broadway) туруорбут "Кини баар диэн этээри гынабын" диэн спектакллара билиниини аҕалбыт[1].

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. Britannica Большой иллюстрированный энциклопедический словарь, 2009, Астрель