Азия оҕолоро

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Азия оҕолорун логотииба.

«Азия оҕолоро» омуктар икки ардыларынааҕы спорт оонньуулара диэн Олимпия комитетын салалтатынан ыытыллар спорт сайыҥҥы уонна бары сезоннаах көрүҥнэринэн эдэр ыччат күрэхтэhиилэрэ. Түөрт сылга биирдэ буолаллар, Азия дойдуларын хамаандалара кытталлар. Оонньуулар, Саха Республикатын бастакы президенэ Михаил Николаев көҕүлээhининэн, 1996 c. ыла ыытыллаллар.

Спорт көрүҥнэрэ[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]



История[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Азия оҕолоро аан дойду спорт оонньуулара 1996 сылтан хас 4 сыл аайы ыытылллар. Бастакы оонньуулар Олимпия оонньуларын 100 сылыгар анаан Саха Сирин бастакы Президенын Михаил Ефимович Николаев туруорсутуутунан тэриллибитэ. Аан дойду Олимпия хамытыатын президена Жак Рогге эппитинэн, бу күрэстэр Оҕо Олимпия оонньууларын прообразтарынан буолаллар. Бэйэтинэн улахан дьон Олимпия оонньууларыгар майгынныыллар. Азия оҕолоро аан дойду спорт оонньуулара - Москваҕа 1980 сыллаахха Олимпия оонньулара уонна 2014 сыллаахха Сочига Олимпия оонньуларын кыттар бииргэ Аан дойду Олимпия хамытыатын патронаһынан ыытыллар. 2012 сыллаахха ЮНЕСКО аан дойду тэрилтэтэ патронаж олохтообута.

Сигэлэр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]