Samasource

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Samasource — Аан Дойду саамай дьадыҥы дойдулар олохтоохторугар информационнай технологияларга сыһыаннаах үлэни биэрэр Эмиэрикэ эргиэнэ суох тэрилтэтэ[1].

Тэрилтэ[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Samasource эргиэнэ суох тэрилтэни Лейла Джана 2008 сыл бэс ыйын 1 к. тэрийбитэ[2]. Samasource тэрийэргэ бастакы хапытаалын (20 000 евроны) Лейла Нидерландыга буолбут Аан Дойдутааҕы бизнес-планнар күрэхтэһиилэригэр кыайбыта[2][1].

Джана Samasource уларыйбат салайааччыта буолбута[1].

Тэрилтэ аата «сама» - "тэҥ" суолталаах санскрит сыһыарыытыттан уонна «source» - "төрүт" диэн суолталаах английскай тылтан үөскээбит[3]. Лейла баҕа санаатынан бу аат дьон тэҥ кыахтааҕын көрдөрүөхтээх этэ[1][3].

Samasource киинэ Сан-Франциско куоракка (АХШ) баар[1][3].

2013 сыл туругунан Samasource офистара Найробига (Кения), Гаитига,  Индияҕа уонна Угандаҕа бааллар этэ[1].

2015 сыл туругунан Samasource Лейла тэрийбит үс тэрилтэлээх Sama Group диэн хампаанньаҕа киирэр (иккис тэрилтэ Samahope  уонна үһүс - Samaschool )[1][4].

Бизнес-модель[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Samasource бизнес-модела IT-индустрия бастыҥ тэрилтэлэриттэн сакаас ылыыга уонна бу сакааһы дьадаҥы дойдуларга баар микроүлэ кииннэригэр тарҕатыыга олоҕурар[1].

«Микроүлэ» (ааҥл. microwork) диэн өйдөбүлү Лейла Джана Брюсселга буолбут TED кэнпириэнсийэтигэр кииллэрбитэ[1][5][3][2]. Samasource тэрийээччитин санаатынан микрокредит харчы кыһалҕатын суох оҥорорун курдук «микроүлэ» үлэ кыһалҕатын суох оҥоруохтаах[1][3][2].

Samasource биэрэр үлэтэ олус судургу уонна ону оҥорорго туох да үөрэх наадата суох, ол эрээри автомат кыайан оҥорбот. Холобур, администрирование уонна интернет-ресурстарын модерация.

Үлэ көрдөрүүлэрэ[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Samasource бастакы килийиэнэ Benetech диэн эргиэнэ суох түмэт тэрилтэтэ буолбута[3].

2013 сыллаахха Samasource 2 700 дьадаҥы дьахтарга уонна эдэр ыччакка 2 мөл доллары төлөөбүт. Уопсайа 10 тыһ тахса Африка, Соҕурууҥҥу Аасыйа уонна Карибтар олохтоохторун өйөөбүт[1][3].

2014 сыллаахха тэрилтэ 5 500 үлэ сирин биэрбитэ[2].

2015 сыл туругунан Samasource кытта eBay, gettyimages, Google, tripadvisor, Walmart, Microsoft, LinkedIn улахан хампаанньалар үлэлииллэр[5][3][2].

Сыанабыал[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Samasource үлэтин Google Foundation[1]Cisco Foundation, MasterCard и eBay Foundation өйөөбүттэрэ[3].

Samasource Рокфеллер уонна Мулаго пуондаларын (ааҥл. Mulago Foundation) стипендиата[6][3].

2012 сыллаахха АХШ госсэкэрэтээрэ Хиллари Клинтон тэрилтэҕэ$500 тыһ. премияны биэрбитэ[1].

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. 1,00 1,01 1,02 1,03 1,04 1,05 1,06 1,07 1,08 1,09 1,10 1,11 1,12 Jill Iscol, Peter W. Cookson (Contributor: Bill Clinton) The laptop is the new sewing machine: the Leila Janah story // Hearts on Fire: Stories of Today's Visionaries Igniting Idealism into Action. — Random House Publishing Group, 2013. — P. 62-72. — 176 p. — ISBN 081299390X, 9780812993905
  2. 2,0 2,1 2,2 2,3 2,4 2,5 Gerben van der Marel. Handel in banen voor de armsten (nk). fd. (4 От ыйын 2014). Тургутулунна 15 Ыам ыйын 2015.
  3. 3,00 3,01 3,02 3,03 3,04 3,05 3,06 3,07 3,08 3,09 Leila Janah – WOMAN of ACTION(ааҥл.). A Celebration of Women (Халыып:TranslateDate/en). Тургутулунна 15 Ыам ыйын 2015.
  4. Christina Farr. How Sama Group’s donations model connects and aids the world’s poor(ааҥл.). Venture Beat (Халыып:TranslateDate/en). Тургутулунна 15 Ыам ыйын 2015.
  5. 5,0 5,1 Daniel Scheffler. Leila Janah's 'microwork' - power to many(ааҥл.). sfgate.com (Халыып:TranslateDate/en). Тургутулунна 15 Ыам ыйын 2015.
  6. Leila Janah(ааҥл.). techfellows.com (2011). Тургутулунна 15 Ыам ыйын 2015.

Сигэлэр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]