Eurovision-2026
| Eurovision-2026 | |
|---|---|
| «United By Music» | |
|
| |
| Буолбут күннэрэ | |
| Маҥнайгы полуфинаал | 2026 ыам ыйын 12 күнэ |
| Иккис полуфинаал | 2026 ыам ыйын 14 күнэ |
| Финаал | 2026 ыам ыйын 16 күнэ |
| Организация | |
| Буолбут миэстэтэ |
|
| Режиссёр |
|
| Супервайзер |
|
| Продюсер |
|
| Сүрүн телевещатель |
|
| Кыттааччылар | |
| Дойдулар ахсааннара | 35 |
| Төннөр дойдулар |
|
| Аккаастаммыт дойдулар |
|
| Түмүктэр | |
«Eurovision-2026» ырыа күрэҕэ (ааҥл. Eurovision Song Contest 2026; фр. Concours Eurovision de la chanson 2026; ниэм. Eurovision Liedwettbewerb 2026) — 70-c «Eurovision» ырыа күрэҕэ. Бу күрэх Вена куоракка, «Wiener Stadthalle» диэн сценаҕа буолуоҕа. Eurovision-2026 икки полуфинааллардаах, ыам ыйын 12 уонна 14 күннэригэр, уонна финааллаах, ыам ыйын 16 күнүгэр. Бу ырыа күрэҕэ Дьобуруопа көрдөрөр-иһитиннэрэр сойууһунан (EBU) уонна Österreichischer Rundfunk (ORF) ыытыллар. Былырыыҥҥы күрэххэ «Wasted Love» диэн JJ ырыата кыайбытыттан сылтаан, Eurovision-2026 үһүстээн (урут 1967 уонна 2015 сыллардаахха) Австрияҕа буолар.
Күрэххэ 35 дойду кыттыаҕа, былырыынтааҕар икки дойдунан аҕыйах[1]. 2003 сыллаахтан саамай кыра кыттар дойду ахсаана. Болгария, Молдова уонна Румыния бу сыл күрэҕигэр төннүбүттэрэ, оттон Ирландия, Исландия, Испания, Нидерланды уонна Словения, Израиль кыттарыттан сылтаан, аккаастаммыттара уонна бойкуоттаабыттара.
Буолар миэстэтэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Былырыыҥҥы күрэххэ JJ кыайбытыттан сылтаан, 2026 сыллааҕы күрэх Венаҕа, Австрия буолуоҕа. Eurovision ырыа күрэҕин Вена үһүстээн ыытар, 1967 уонна 2015 сыллааҕы ырыа күрэхтэрин кэнниттэн. Быйыл 16 тыһ. миэстэлэрдээх «Wiener Stadthalle» ыытар, урут 2015 сыллаахха бу арена эмиэ ыыппыта[2][3].
Талыыга Венаттан ураты өссө Инсбрук кыттыбыта, куорат дьаһалтата «Olympiahalle Innsbruck» диэн аренаны таһаарбыттара[4].
Кыттааччылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]«Eurovision» ырыа күрэҕигэр кыттарга Дьобуруопа көрдөрөр-иһитиннэрэр сойууска (EBU) дойду көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньата толору чилиэнэ буолуохтаах, өссө ол хампаанньа «Eurovision» ситиминэн сатаан толору көрдөрүөхтээх диэн ирдэбиллээх. EBU сыл аайы бары ол сойууска киирэр хампаанньаларга ыҥырыы ыытар.
2025 сылын ахсынньы 11 күнүгэр EBU 35 дойду кыттарын биллэрбитэ[1]. Болгария, Молдова уонна Румыния бу сыл күрэҕигэр төннүбүттэрэ, оттон Ирландия, Исландия, Испания, Нидерланды уонна Словения, Израиль кыттарыттан сылтаан, аккаастаммыттара уонна бойкуоттаабыттара. Бу бойкуот 1970 сыллааҕар даҕаны улахан буолуон сөп, онно эмиэ биэс дойду кыттыбатаҕа, тоҕо диэтэххэ былырыыҥҥы күрэххэ түөрт дойду биир кыайылаах аатын ылбыттара[5].
Күрэххэ төннүбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Күрэхтэн аккаастаммыттар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Табыллыбатах дисквалификация
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Табыллыбатах дебюттар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Былыр кыттыбыт ырыаһыттар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
Грузия: Bzikebi — «Junior Eurovision-2008» — бастакы миэстэ.
Молдова: Алена Мун — «Eurovision-2013» — 11 миэстэ.
Польша: Алиция — «Eurovision-2020» — күрэх буолбатаҕа.
Сан-Марино: Senhit — «Eurovision-2011», «Eurovision-2020» уонна «Eurovision-2021» (Flo Rida ырыаһыты кытта) — 16 миэстэ полуфинаалга, күрэх буолбатаҕа уонна 22 миэстэ.
Эстония: Vanilla Ninja — «Eurovision-2005» (
Швейцария) — 8 миэстэ.
Шоу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Маҥнайгы полуфинаал
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]| Дойду | Ырыаһыт | Ырыа | Ырыа тыла |
|---|---|---|---|
Иккис полуфинаал
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Финаал
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]| Дойду | Ырыаһыт | Ырыа | Ырыа тыла |
|---|---|---|---|
Атын дойдулар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Дойду кыттар кыахтаах буоларын гына, дойду национальнай вещателя «Евровидение» диэн ситиминэн сатаан көрдөрөр кыахтаах уонна EBU чилиэнэ буолуохтаах. EBU сыл аайы кыттарга ыҥырыыны ыытар.
Баҕар төннөллөр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
Босния уонна Герцеговина — 2025, ыам ыйын 16 күнүгэр, былыр Босния уонна Герцеговина Eurovision-ҥа сылдьыбыт делегациятын салайааччыта — Лейла Бабович. BHRT ханаалга биэрбит интервьютугар манныгы эппитэ: «BHRT бигэ финансированиятын ылар буоллаҕына, баҕар Босния уонна Герцеговина «Eurovision» күрэххэ төннүөҕэ»[20].
Румыния — 2025, муус устар 14 күнүгэр, TVR, Румыния телевещателин, дириэктэрэ биллэрбитэ: «Вещатель уонна продюсердарын кытта сыһыан көннөҕүнэ эрэ Eurovision-ҥа кыттар кыахтаахпыт[21]. Ол эрээри, билигин TVR «Eurovision-2026» кыттыы туһунан тугу даҕаны биллэрэ илик.
Төннүбэттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
Андорра — 2025, ыам ыйын 25 күнүгэр, RTVA диэн Андорра телевещателя Андорра күрэххэ кыттыбатын биллэрбитэ[22].
Болгария —
Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1 2 35 broadcasters to compete at 70th Eurovision Song Contest in Vienna. Eurovision.com (15 Ахсынньы 2025). Тургутулунна 25 Кулун тутар 2026.
- ↑ eurovision.tv. Eurovision 2026: Vienna is our Host City for the 70th (20 Атырдьах ыйын 2025). Тургутулунна 8 Сэтинньи 2025. Төрүт сириттэн архыыптанна 20 Атырдьах ыйын 2025.
- ↑ Agence France-Presse. Vienna announced as host city for Eurovision song contest 2026. The Guardian (20 Атырдьах ыйын 2025). Тургутулунна 25 Кулун тутар 2026.
- ↑ Anthony Granger. 🇦🇹 Eurovision 2026: Innsbruck City Council Approves Bid to Host(ааҥл.). Eurovoix.com. Тургутулунна 25 Кулун тутар 2026.
- ↑ Mark Savage уонна Ian Youngs. Boycotts and arguments - can the Eurovision Song Contest survive its biggest crisis?. BBC (5 Ахсынньы 2025). Тургутулунна 25 Кулун тутар 2026.
- ↑ It's just that the current decision-making centers of the broadcasting entity don't like this show and therefore the final decision was against return for now or in the forseable future.(ааҥл.). Төрүт сириттэн архыыптанна 19 Ахсынньы 2024.
- ↑ България се завръща на „Евровизия“ (bg). БНТ (31 Алтынньы 2025). Тургутулунна 25 Кулун тутар 2026.
- ↑ 2025 Eurovision Song Contest: Artist Selection Process(ааҥл.). SBS (2025 тохсунньу 1). — «If you are interested in submitting an artist or song for 2026...»
- ↑ Eurovision 2026: Η πρώτη απόφαση της ΕΡΤ για τη συμμετοχή της Ελλάδας(гр.).
- ↑ Jacob Bøgen Clausen. Frederikshavn er Årets Grand Prix By i 2026 (dk).
- ↑ Netherlands: AVROTROS confirms participation at Eurovision 2026(ааҥл.) (2024 ахсынньы 8).
- ↑ Segreteria Turismo: San Marino all'Eurovision 2025, l'orgoglio della partecipazione e un successo che proietta il Titano sulla scena mondiale(итал.). RTVSM (2025 кулун тутар 18).
- ↑ ПРАВИЛНИК о организациjи и начину избора композициjе за ПЗЕ25 — Србиja (sr). RTS (16 От ыйын 2024). — «Победник такмичења Песма за Евровизију 2025. у обавези је да на следећем такмичењу Песма за Евровизију 2026. уручи награду будућем победнику фестивала, односно представнику РТС-а и Србије на Песми Евровизије 2026»
- ↑ UMK järjestetään Tampereella myös ensi vuonna (fi). Yle.
- ↑ "Dobrodošli u stvarnost – i na Eurosong“ (me). RTCG (19 Ыам ыйын 2025).
- ↑ Steven Heap. 🇦🇹 Austria: ORF Confirms Internal Selection for Eurovision 2026(ааҥл.). Eurovoix (2025 ыам ыйын 18).
- ↑ En Route Pour l'Eurovision 2025 @AlexRedde: "On a l'ambition de revenir à une sélection nationale"(фр.).
- ↑ [www.eurovision.de/news/SWR-uebernimmt-Federfuehrung-fuer-Eurovision-Song-Contest,wechsel112.html SWR übernimmt 2026 Federführung für Eurovision Song Contest](ниэм.). ARD (2025 тохсунньу 27).
- ↑ BBC Studios retains the contract to produce UK coverage of Eurovision until 2028(ааҥл.).
- ↑ 🇧🇦 Bosnia & Herzegovina: Former HoD Highlights Ongoing Eurovision Challenges(ааҥл.). Eurovoix.
- ↑ Când va mai participa România la Eurovision. Anunțul șefului TVR, înaintea Eurovision 2025: „Relația trebuie resetată” (ro). TVR.
- ↑ Steven Heap. 🇦🇩 Andorra: RTVA Will Not Participate in Eurovision 2026(ааҥл.). Eurovoix (2025 ыам ыйын 26).
Тас сигэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- eurovision.tv — «Eurovision» ситим-сирэ.
| |||||